Добавить в цитаты Настройки чтения

Страница 3 из 5



Уоллаах кыыс сыыйа сүрэхтэринэн сөбүлэһэн ыал буолбуттар үһү.

Ийэ, ийэ, күн ийэ барахсан! Сир үрдүгэр олорорун тухары төрөппүт оҕотугар иҥэрбит таптала, кини орто дойдуга суох да буолбутун иһин, хаһан да сөҕүрүйбэт төлөннөөх эбит, ийэ сүрэҕэ өлүүнү өлбөтөх өйүнэн сэрэйдэҕэ… Ийэ сүрэҕэ!

Быыһаныы

Бу түбэлтэҕэ чугас доҕорум аҕата бииргэ төрөөбүт быраатыныын түбэспиттэр. Биэс сыллааҕыта оҥостон, тэринэн Буотама үрэх диэки бултуу тахсыбыттар. Биир сири булан, уот оттон чэйдээн, ол сиргэ түһүүлэммиттэр. Арай өйдөөн көрбүттэрэ, бэрт чугас мастар быыстарыгар булчут үүтээнэ баар эбит, хата, өссө уоттаах буолан үөрдүбүт. Бырааттыылар өр-өтөр гыммакка дьиэҕэ көтөн түспүттэрэ, бэрт тупсаҕай, дьиэ дьахтар киһи кыһамньылаах илиитэ баара көстөр ис барааннааҕа үөрдүбүт. Оһоххо угуллубут хардаҕастар умайан таһыгыраһар тыастара нус-хас олоҕу туоһулуур курдук эбит. Олус кэрэ сэбэрэлээх эдэр дьахтар баара кэргэнин туоһуласпыт да, биһиги дьоммут көрбөтөх буолан биэрбиттэр. Ас бөҕөнү аһаан, сылайан, сылаалара киирэн, бу үүтээҥҥэ хонон ааһарга сананаллар. Быраата урут сытар. Убайа көрдөҕүнэ, арай дьахтар: «Эн биһикки бу эрэ түүн бииргэ буолуох», – дии-дии тас таҥаһын устан, күөгэйэр күнүгэр сылдьар уола хаан сүрэҕин өрүкүтэн, хаанын хамсатан, уохтаах таптаһыыга угуйа ыҥырбыт. Ол мүччүргэннээх мүнүүтэлэргэ эт сүрэҕинэн туох эрэ бэрдэ суоҕу сэрэйэн, тутан турбут луоскатын сиргэ түһэрдэҕэ буолан, төҥкөйө биэрбитэ, дьахтар атаҕа буолбатах, туох эрэ иэмэ-дьаама өйдөммөт бар түү эт көстүбүт. Дьэ, онно эрэ өйдөөбүт, урут оҕо эрдэҕинэ эһэтэ сир-дойду сибиэнэ кэрэ субалаах кыыс-дьахтар буолан кубулунан булчуттары бултаһарын туһунан кэпсиирин. Сорсуннаах сонордьут хаана таайан, булугас өйө киирэ охсон: «Дэлби долгуйуох курдукпун, билигин киириэм, тахсан табахтыы түһүөм», – диэбит, түргэн үлүгэрдик быраатын уһугуннарбыт, дьэ уонна сирэйдэрин хоту куотаннар этэҥҥэ быыһанан, бүтүн оҥорууламмыттар.

(с) К.В.

Хам хаппыт мастан буолуо…

Покровскай сирэ-уота үтүөкэн, кэрэ айылҕалаах, бастыҥ-мааны дьонноох сир. Мин эбэбэр сотору-сотору тахсааччыбын, кини даачата өрүс үрдүгэр турар. Манна дьиэлэр ойуур быыһыгар тутуллубут буоланнар кэрэ көстүүлээхтэр. Дьиэлэр кэккэлэһэн турар сирдэриттэн тэйиччи соҕус былыргы аппа баара. Тоҕо эрэ кэнники кэмҥэ бу диэки киһи соччо ылбычча өйдөөбөт түгэннэрэ тахсар буолбуттара.

Биирдэ атырдьах ыйын хабыс-хараҥа киэһэтигэр табаарыһым чугас ыалларыгар олорбут. Түүн үөһүн саҕана эбэтэ субуоннаабыт: «Түргэнник дьиэҕэр киирэ оҕус, дьиэбитигэр ким эрэ баар курдук хаамар тыаһа иһиллэр, кими эмэ илдьэ кэл», – диэн. Уол ыала уолу кытта бэрт түргэнник сүүрэн кэлбиттэр да, ким да суох эбит. Ол эрэн чуумпуран ылбыттарыгар ким эрэ ытыыра иһиллибит. Сиэбиттэн банаар ылан тыктарбыта, биһиги тэлгэһэбитигэр көхсүнэн буолан, тобук тардыстан ким эрэ иэҕэҥнии олорорун элэс көрөн аһарбыт.

– Манна ким баарый?! – дии-дии өссө төгүл банаарынан тыктарбыт да, ким да суох эбит. Хайдах-хайдах баҕайыный дии санаатар да, доҕор уолун дьиэтигэр утааран, утуйардыы оҥостубут.

Уол эбэтэ биир сарсыарда бэрт эрдэ таһырдьа тахсыбыт. Эмээхсин санаатыгар ким эрэ баар уонна бэл тыынара иһиллэр курдук эбит. Хас да төгүл киирэн-тахсан көрбүт да, ким да суох буолан иһэр…

Нэдиэлэ курдугунан эксээмэннэрбин туттаран бүтэн, уһун өрөбүлбэр кэлбитим. Биһиги дойдубутугар урут-уруккуттан кулуһун оттон баран, өрүс үрдүгэр олорон, саҥа күнү көрсөр үгэстээхпит. Итинник күөрэйэ ойон тахсыбыт күммүтүн көрсөн баран, сарсыарда биэс саҕана уһаайбабытыгар турар кыра дьиэҕэ утуйа барбытым. Бу сайыҥҥы дьиэ буолан судургу тутуулааҕа, истиэнэлэрэ хаптаһын этэ. Дьэ, саҥардыы утуйан истэхпинэ, ким эрэ бэрт күүскэ дьиэни тас өттүттэн сууралыыр тыаһа иһиллибитэ.



«Ээ, аттынааҕы ыаллар ыттарын оҕото сылдьар ини», – дии санаабытым.

Сарсыарда туран көрбүппүттэн хайдах эрэ сэрэхэдийэ санаабытым, дьиэ хаптаһын истиэнэтигэр сыста саһаан сааһыланан турара, ыт даҕаны, туох даҕаны хайдах да истиэнэ икки саһаан икки ардыгар батан киирэн тыаһыыр кыахтара суоҕа. Урут истибит кэпсээммин өйдүү биэрбитим: бу сиргэ олохсуйан олорбут ыччаттар сылтан сыл ахсын көҕүрээн иһэллэрин туһунан, туох эрэ биллибэт биричиинэнэн араастык быһыыланан, көҥүл өттүнэн олохтон бараллар эбит. Былыргы үһүйээннэртэн кэпсэнэн кэлбитинэн, урут манна эбэҥкилэр олорбуттар. Бу сиргэ эбэҥки удаҕаннара харалла сыталларын туһунан барбах кэпсэтэллэрэ. Былыргы аппа туһунан эмиэ туох эрэ кэпсээн баара: өрүс салаатыттан тахсан, уута уолан, былыр үйэҕэ хатан-кууран турара, хойуутук үүммүт мастар тулалыыллара. Сэбиэскэй кэм саҕана ити эргин субу аҕай ыал буолаары сылдьыбыт кыыс суорума суолламмыт эбит. Бэрт хойукка диэри моҥнубут быата турбутугар оҕолор Тарзан буола оонньуу сылдьыбыттарын дьонноро билэн тохтоппуттар дииллэрэ. Аҕыйах сыллааҕыта эмиэ ити сиргэ биһиги уруккуттан билэр көнө майгылаах эдэр уолбут, туох хара дьайдаах санаа киирбитэ эбитэ буолла, бэйэтин дьаһаммыт этэ, сурук да хаалларбатах, кимиэхэ да тугу да эппэтэх…

Дьон-сэргэ былыргы аппа таһынан ааспат буолбуттара. Төһө кырдьыга эбитэ буолла, киһи кэнниттэн ким эрэ хаамар курдук, туох эрэ күлүктэр көстөн ааһаллар дэһэллэрэ.

Быйыл саас тиэргэммит иһигэр үүммүт былыр үйэҕэ хам хатан хаалбыт улахан маһы охторбутум. Аарыма улахан хам хаппыт мас тэлгэһэ ортотугар үүнэн турара киһи кутун-сүрүн баттыыра. Испэр аны былыргы ойууннар мастара буолаарай дии саныырым эрээри, туох да куттала суох ини диэн бэйэбин уоскутунарым. Киһи сөҕүөн курдук, ол маһы суулларбытым кэннэ, хайдах эрэ барыта оруноннугар түһэн хаалбыта: ким да хаамара, тыынара иһиллибэт, ким эрэ баар быһыылаах дии саныырбыт сүппүтэ. Уубутун аймаабыт, олохпутун долгуппут, кэтэнэ-манана сылдьыбыт куттал санаабыт ити хам хаппыт мастан буолуо дуо?! Санаабар эбитэ дуу, көннөрү сөп түбэһии эрэ эбитэ дуу, чахчы туох эрэ көстүбэт күүстэр бааллара дуу?!

(с) К.В.

Иэдээннээх иэстэбил

Аллараа Бэстээхтэн саҕалаан, «Халыма» сүрүн айан суолун кыйа хортуоска буолалара хойуутук көстөллөр. Дэриэбинэ олохтооҕо буола хорута сылдьыбыт. Урукку буолатын кэҥэтэр санаалаах турунан туран үлэлээбит. Арай сир хорутар тэрилэ туохтан эрэ иҥнэн, тыраахтырын тохтотон, түһэн көрөн баран, соһуйан тиэрэ кэлэн түһэ сыспыт. Киһи дьардьамата хостонон тахсыбыт, төбөтүн уҥуоҕа эчэйбэтэх. Отой былыргы көмүү быһыылааҕа: кыыл тириититтэн тигиллибит таҥаһа, дьардьаманы буортан ороору гыммытыгар илдьирийэн тырыта барбыта, онтон киһитин уҥуоҕун сэрэнэн хостоон, чөкө сиргэ уурбута, үлэтин бүтэрэн баран, төттөрү көмөр санаалааҕа. Киэһэлик тус арҕаа диэкиттэн хойуу былыт тахсан, ардыырдыы оҥостубута. Тырахтарыыс дьиэтигэр ыксаан, киһитин кырамтатын дьаһайа барбатаҕа, сарсын да оннун булларыам дии санаабыта.

Сонунун кэпсээн, дьонун куттарын ыыталыы сыспыта, ардах уһун түүнү быһа аа-дьуо тохтообокко түһэ турбута. Нөҥүө сарсыардатыгар буолаҕа кэлэн, киһитин көрдүү сатаабыта да, булбатаҕыттан хайдах эрэ ытырыктата санаан, көлөһүнэ сарт түспүтэ. Үлэлээн бүтэн баран, өссө көрдүү сатаабыта да, туох да суоҕа.

Үһүс күнүгэр киһилэрэ үлэлии барбыт уонна дьиэтигэр кэлбэтэх. Дьоно күүтэ сатаан баран, буолаҕа кэлбиттэрэ, аҕаларын тыраахтыра кураанах турар эбит. Буола хорутар тэрилин салбаҕа хайыы үйэ хаппыт хааннааҕын көрөннөр дэлби уолуйбуттар. Ити миэстэттэн тэйиччи соҕус саҥа хорутуллубут буорга аҕаларын сэймэҕэ сытарын булбуттар, буола хорутар тэрил көрүөхтэн эрэ ынырыктык илдьириппитэ олус дьулаан көстүү этэ… Туох хара дьайдаах киһитэ дуу, дьоно дуу бу айылаах туох иһин маннык кэбилээбиттэрэ буолуой диэн, буруйдаахтары көрдүү сатаабыттара да, туох да сибики биллибэтэҕэ. Арай бу эргин олорор айылҕаттан айдарыылаах киһи эппитинэн, былыр буола саҥа кэҥэтиллэн, хорутуллубут миэстэтигэр удаҕан дьахтар олоро сылдьыбыт эбит.

Аата мээнэ ааттаммат улуу киһи уутун уйгуурдан, саатар кырамтатын тута ийэ буоругар харайа охсубакка хаалларан барбыт киһитин итинник иэстэстэҕэ буолуо, дьиктитэ диэн, удаҕан уҥуоҕун булбатахтар, кимиэхэ да көстүбэтэх үһү…