Страница 2 из 5
Киэһээҥҥи аһылыктарын аһыы олорон, аны ыалдьыбыт дуу дии санаан, кыыс ыйыталаспытыгар оҕонньор маннык кэпсээннээх буолан, дьукааҕын, эдэр кыыһы, дэлби куттаабыт, уйулҕатын хамсаппыт:
«Күнүскү аһылыгым кэнниттэн үгэспинэн барбах утуйа түһэн ылбытым, түүлбэр былыр үйэҕэ, инньэ сүүрбэччэ сыллаахха, өлбүт быраатым көһүннэ. Туох абааһы куһаҕан билгэтэ буолла, миигин кытта барыс диэн ыҥыра сатаабытын аккаастанным», – диэн.
Ол түүн кыысчаан оҕонньор кэпсээниттэн уйуһуйан, уута көтөн утуйан быстыбат. Нөҥүө хоско утуйа сытар оҕонньор тыынара бу баардыы иһиллэр. Төһө өр кэм ааспыта буолла, арай таһырдьа кыыс утуйар хоһун түннүгүн аннынан эмиэ мааҕыҥҥы курдук хаар хаачырҕаабыт. Субу баардыы, хантан эрэ олус ыраах сиртэн аҕылаан-мэҥилээн, сүүрэн кэлбит киһи курдук, ыарахан баҕайытык киһи тыынара иһиллэр. Кыыс, олус күүскэ куттанан, суорҕанын ыга тардынан баран сытар. Арай иһиттэҕинэ, хаар хаачыргыыра уонна ыараханнык тыыныы оҕонньор сытар хоһун түннүгүн таһыгар иһиллэр. Холкутук тыынан утуйа сыппыт оҕонньор тыынара ыараан, оронугар дэлби мөхсөн, мэктиэтигэр хардьыгынаан тыынар курдук буолар. Оҕонньору үөгүлээн уһугуннарыан баҕарар да, көстүбэт «ыалдьыт» ыарахан тыына субу баар курдуга…
Ити курдук, түүнү быһа кутуйах иинин кэҥэтэн, куттал бөҕөнү көрөн, күнүскү сылаата баттаан, кыыс барахсан утуйан хаалаахтыыр…
Сарсыарда, халлаан суһуктуйа сырдыыта, эдэр кыыс туран таһырдьа тахсан, суолу-ииһи көрө сатыыр. Хаарга туох да, ким да суола суох эбит. Хайдах эрэ санаата чэпчээн, дьиэҕэ киирэр. Аһыы олорон оҕонньор түүлүн кэпсиир: «Бөлүүн түһээтэхпинэ, быраатым эмиэ илэ кэлэ сырытта, бэҕэһээ күнүстээҕэр өссө ордук кыыһырбыт, дьэбидийбит көрүҥнээх, аккаастаммытым үрдүнэн, күүһүнэн илдьэ барар санаатын ылыммыт курдук… Төһө да саас ылбытын иһин, бу да буолларбын, күн сириттэн ордук туох баар буолуой, тоҕойуом?! Өлүөхпүн отой баҕарбаппын», – диэхтиир. Дьэ, онно кыыс тугу истибитин барытын кэпсиир. Оҕонньор барахсан кыыс кэпсээнин истэн баран: «Уһугуннарыаҥ этэ буоллаҕа дии, тоҕойуом, тыынара ыарахана сүрдээҕэ, өлөрүгэр эмиэ итинник, тыынын былдьаһа-былдьаһа ыараханнык, тыына сыппыта, сэллик сиэбитэ… Дьэ, тоҕойуом, ити барыта куһаҕаҥҥа диэн тойоннуохха сөп, мин уһаан сылдьыбат киһи буоллум…» – диэн түүлүгэр дуу, илэ дуу кэлэн илдьэ бара сатыыр, бу дойдуттан өрдөөҕүтэ барбыт быраатыттан эмиэ да кыһыйа, эмиэ да аһыйа кэпсээнин түмүктүүр.
Ити кэнниттэн, оҕонньор түүйбүтүн курдук, биир нэдиэлэ иһинэн эмискэ сыыстаран, ойоҕостотон орто дойду олоҕуттан үйэ-саас тухары бараахтаабыта. Туох да иҥэ-дьаҥа суох тыа сирин сэмэй, үлэһит киһитэ сирдээҕи олоҕун түмүктээн, быраатын аттыгар хараллыбыта.
Дойду иччитин кэлэтии
Ааспыт сайын доҕорум Сэмэнчик киһи куйахата күүрэр түбэлтэтигэр түбэһэн турардаах. Былырыын атырдьах ыйын биир намыын киэһэтигэр доҕотторун кытта айылҕаҕа тахса сылдьарга санаммыттар. Үгэс курдук, сөтүөлүүр, аһыыр-сиир тэриллэрин, астарын-үөллэрин тиэйэннэр Тулагыттан чугас турар кыракый дэриэбинэ таһыгар баар алааска түһүүлэммиттэр. Онно дьон олорбот быраҕыллыбыт дьиэлэрэ, былыргы үйэтинээҕи хотоннор бааллар эбит. Бу хайдах эрэ, туох эрэ кистэлэҥнээх сир буоларын туһунан олохтоохтор истэригэр урут-уруккуттан кэпсэл баара үһү…
Уолаттар массыыналарын муусукатын муҥ кыраайыгар холбообуттар, ону-маны, буолары-буолбаты кэпсэтэн, күө-дьаа буолан, уот оттон эт үөлбүттэр, өр көрсүспэтэх ахтылҕаннарын дуоһуйа таһаарбыттар.
Түүн үөһүн саҕана ый уотун өлбөөркөй сырдыга киэҥ алаас иэнин барбах сырдатан, хабыс-хараҥа буолбут. Сэмэнчик тура сылдьарга сананан, ойуур саҕатын диэки хаампыт. Ол баран иһэн көрдөҕүнэ, былыргы сэргэ турар эбит. Өйө бааллан дуу, туох имнэнэн дуу, сэргэни хайа сотон бэлиэтиир. Ол кэннэ аар айылҕа иһийбит чуумпутунан дуоһуйан турбахтыы түһэргэ сананар, ол туран ис-иһиттэн туохтан эрэ дьиксинэр, кинини ким эрэ көрөн турарын курдук санаа күлүм гынар. Сонно тута чугас соҕус, бастаан аргыый, онтон улам күүһүрэн дүҥүр тыаһа иһиллэр. Сэмэнчик, төһө да куттана санаатар, билиэх-көрүөх санаата баһыйан, турбут сиригэр туран хаалар. Дүҥүр тыаһа субу адьас аттыгар иһиллибит. Өссө ким эрэ тыынар курдук эбит. Сэмэнчик, дьэ, өйдөнөн, өлөрдүү куттанан, түһүүлэммит сирдэрин диэки муҥ кыраайынан тэбиммит. Доҕотторун уһугуннартаан, одоҥ-додоҥ кэпсээн, суһаллык хомунан куорат диэки көтүппүттэр. Итиэннэ Сэмэнчик туох да бэйэлээххэ ити сир диэки барыам суоҕа, арааһа сэргэҕэ ытыктабыла суох сыһыаммынан дойду иччитин кэлэтэн, улахан сыыһаны оҥостубуппун, айылҕаҕа таҕыстаххытына сиргитин аһатаргытын умнаайаҕыт диир.
Былыргы өбүгэбит саҕаттан дьон-сэргэ олорон ааспыт сирдэрин ытыктыы, кинилэр олохторун туоһута – иҥнэйбит, сууллубут сэргэлэри харыстыы үөрэниэхтээх эбиппит, доҕоттоор…
Антон Иванов
Бэйэтинэн биллии
2011 сыллаахха төрөппүттэрим икки дьиэни тэҥинэн атыыласпыттара. Биирэ, улахана – кыһыҥҥы, иккиһэ – сайыҥҥы, миэхэ анаммыт этэ. От ыйын саҕаланыытыгар эксээмэннэрбин этэҥҥэ туттартаан, куораттан дойдубар тахсыбытым. Дойдум салгынынан сайа тыынан, ахтылҕаммын таһааран дуоһуйан сылдьарым. Кыра дьиэҕэ ийэм балта кыракый кыыһыныын бааллара. Мин дьүөгэбэр баран, ону-маны сэлэһэн, киинэ уларсан, дьиэбэр хойутуу кэлбитим.
Ааннарбын хататалаан, сөрүүн уу иһэн, бэрт кыратык интернеккэ олоро түһэн бараммын, утуйардыы оҥостубутум. Эдьиийим оҕотунуун хайыы үйэ утуйбуттара ырааппыт. Тэлэбиисэр саҥата эрэ барбах иһиллэрэ. Саҥардыы утуйаары, халтаһаларым сабыллан эрдэхтэринэ, арай аан аһыллан, киһи киирэр курдук тыас иһиллибититтэн уум көтөн хаалбыта. Атах тыаһа кырачаан балтым оронун диэки барар курдуга, ыраах сиртэн сүүрэн кэлбиттии, киһи аҕылыыра иһиллэрэ. Мин кутталбыттан түүрүллүөхпүнэн түүрүллэн сыппытым да, балтыбын харыстыыр, көмүскэһэр санаалаах ойон турбутум да, ким да суоҕа. «Ээ, итирик киһи хайдах эрэ гынан дьиэбитигэр киирэн таҕыста быһыылаах», – дии санаабытым. Онтон тэрээсэҕэ тахсыбытым, ыппыт холку бэйэлээхтик утуйан буккуруу сытара, иһийбит чуумпуну аймыах туох да суоҕа. Ньиэрбэбин уоскутаары табахтаабытым, онтон киирэн хос сыппытым. Кутталбыттан кыайан утуйбакка эрэйдэммитим. Харахпын симтэхпинэ, моонньо да, түөһэ да суох кыып-кырдьаҕас оҕонньор төбөтө көстөр этэ. Сарсыарда уһуктан баран, улахан убайбар кэпсээбиппин: «Оо, бу кыыс даҕаны, оһоххун, уоккун аһаппытыҥ дуо, арааһа уотуҥ иччитэ Хатан Тэмиэрийэ быһыылаах, дьүһүнүттэн көрдөххө», – диэбитэ…
Ийэм-аҕам, эбэлээх эһэм бэрт кыра сааспыттан сахалыы сиэргэ ииппиттэрэ, куораттан тахсаат да, алаадьылаан саҥа дьиэм оһоҕун аһаппытым. Хомойуох иһин, эдьиийим, тыа сириттэн тэйбитэ олус ыраатан, өбүгэтин үгэстэрин соччо тутуспат эбит, истэн баран олус куттаммыта уонна аал уотун иччитин алаадьы астаан, дьэ, күндүлээбитэ.
Ийэ сүрэҕэ…
Бу кэпсээн эдьиийим табаарыһа Сандал уол түбэспит быһылаанын туһунан.
Сандал тыа сиригэр төрөөн, улаатан аармыйаҕа сулууспалаан кэлбит ыччат. Кини кэмигэр ханна да үөрэммэтэх, сулууспалаат да, дойдутугар кэлэн, дьонугар күүс-көмө буолан олорбут эбит. Биирдэ аармыйатааҕы доҕорун көрсөөрү, аҕатын эргэ «УАЗ» массыынатын собуоттаан, чугастааҕы бөһүөлэккэ барбыт. Доҕордуулар саллаат олоҕун ахтан-санаан өр олорбуттар, кыратык аһыы утахтан амсайа да түспүттэр. Киэһэ лаппа хараҥарыыта, Сандал дьиэтигэр төннөрдүү сананар, таһырдьа хайыы сахха борук-сорук, саатар самыырдыыр эбит. Саҥардыы айаннаан иһэн, испит арыгыта төбөтүгэр тахсан, хараҕа дьиримнээн ылар. Массыына добуочча дириҥ хаһыллыыга түһэн хаалар. Сүгэтин ылан, массыынаттан тахсан, көлүөһэтин анныгар угаары, мас быһыта сынньа туран өйдөөн көрбүтэ: киһи уҥуоҕун туһаайыыта эбит, өссө хара сарапааннаах дьахтар кини диэки иһэрин көрөн, олус соһуйан, массыынатыгар киирэ охсубут. Эргэ массыына буолан, иһиттэн хатаммат эбит. Дьахтар олус ыксаабыт көрүҥнээх, ааны тоҥсуйа-тоҥсуйа иһирдьэ киирэ сатаабыт. Уол иһиттэҕинэ: «Кыыһым алдьархайга түбэстэ, өлөн эрэр, баһаалыста бөһүөлэккэ илдьэн биэр», – диир эбит. Уол уоскуйан дьахтары киллэрэр, бачча хойут хайдах киһи уҥуоҕун таһынан саллыбакка сылдьарын сөҕөн ыйытар да, дьахтар истэн эрэ кэбиһэр. Уол тахсан мастарын көлүөһэ анныгар угаттаан, күүскэ гаастаан, этэҥҥэ тахсар. Быстыа дуо, дьахтар көрдөһүүтүн быһа гыммакка, бөһүөлэк диэки төттөрү төннөр. Чаас аҥаарын курдугунан утуйа илик ыаллар дьиэлэрин уоттара көстөр. «Бу дьиэҕэ тохтоо», – диэн биир дьиэни ыйан, онно тохтууллар. Дьахтар: «Көмөлөспүччэ көмөлөс, соҕотоҕун кыайбат дьыалам, кыыһым өлөн эрэр, дьиэҕэ киир, мин хайдах эрэ олус сылайдым ээ», – диир. Уол дьиэҕэ киирэн кэлбитэ, бүтүннүү үгээр сыта, оһох сабыылаах турар эбит. Арай көрбүтэ, эдэркээн кыыс сиргэ охтон сытар. Уол элбэҕи толкуйдуу барбакка, кыыһы көтөҕөн таһаарар, массыынаҕа ким да суоҕун дьиктиргиир, итиччэ ыксаан баран, кыыһын быыһаспакка ханна бардаҕай дии саныыр. Балыыһа дьиэни ыйдаран, кыыһы эмчиттэргэ туттарар. Ити түбэлтэ буолбута биир ый ааспытын кэннэ, Сандаллаах бөһүөлэктэригэр били кыыс кэлэн уолга ис сүрэҕиттэн махтанар. «Мин өлө сыспыппын хайдах билбиккиний?» – диэн дьиктиргээн ыйытар. Онуоха уол: «Оттон ийэҥ эппитэ дии, соруһан аҕалтаран баран, отой да сүтэн хаалбыт этэ», – диир. Дьэ, онуоха кыыс хараҕын муҥунан көрөн саҥа аллайа түһэр: «Ийэҥ даа, ама хайдах, үс сыллааҕыта өлбүтэ дии», – диир. Иккиэн сөҕөн-махтайан, мэктиэтигэр тылларыттан маталлар…