Страница 4 из 5
(с) К.В.
Көстүбэт күүстэр уйалара
Сахабыт сирин биир улууһун кытыы уулуссатыгар ааспыт үйэ сэттэ уонус сылларыгар тутуллубут икки кыбартыыралаах дьиэ баар. Сэбиэскэй саҕана маннык дьиэлэри тэбис-тэҥ былааннаахтык туппут буоланнар, бары биир халыып курдуктара. Дьиэни таһыттан көрдөххө, атыттартан туох да уратыта суоҕа, ол эрэн бу дьиэ туһунан соччото суох, оҕону-дьахтары чаҕытар сурахтар иһиллэллэрэ. Мин кыра эрдэхпинэ, ол дьиэ өр баҕайы кураанах турбута, ким да олорбот этэ. Ол дьиэҕэ олоро сылдьыбыт дьон кистээн кэпсииллэринэн, дьиэлэрин иһигэр туох эрэ тыаһыыр, сороҕор өссө ол-бу маллара турар миэстэлэриттэн сыҕарыйан хаалбыт буолар үһү, олохтоох дьон куруук төбөлөрө ыалдьар эбит.
Биир сайын элбэх буолан мустан, ол дьиэттэн чугас оонньуу сылдьыбыппытыгар кыра кыыспыт мантан барыахха да барыахха дии сатаабытын истибэтэхпит. Өссө дьиэ аттыгар чугаһаан, түннүктэрин өҥөйтөлүү сатаабыппыт да, туох да көстүбэт этэ, өстүөкүлэ тас өттүттэн ырааһа, оттон иһиттэн барыта быылынан бүрүллүбүт курдуга. Дьиэлиэххэ диэммит сүүрэн хаалбыппыт, арай арыый да аҕа саастаах Бааскабыт кэннин хайыһан көрбүтүгэр түннүккэ дьахтар турар курдук көстүбүт. Биһиги ону отой да итэҕэйбэтэхпит, Баасканы сымыйалыыр, куттуу сатыыр диэбиппит, онтон төннө сылдьыахха диэн хаайбытыгар сөбүлэһэммит эмиэ кэлбиппит. Хата, күн киирэ илик этэ, улахан дьон этэринэн, туох баар абааһылар күннээххэ көстүбэттэр диэн. Ол төннөн көрбүппүтүгэр түннүккэ ис өттүттэн илии суола баар курдуга, Бааска эппитин, дьэ, итэҕэйэн, дьиэбит диэки сүүрбүппүт.
Ол сайын биһиги дэриэбинэбитигэр эдэр ыал үлэҕэ ананан көһөн кэлбит. Эр киһи Киргиэлэй, инженер дуу, электрик дуу быһыылааҕа, кэргэнэ кыра оҕотун көрөн олорор дииллэрэ. Олохтоох дьон: «Бу дьиэттэн атын сыантырга өссө биир кураанах дьиэ баар, онно олоруҥ, бу дьиэҕэ дьон олорботоҕо олус ыраатта», – эҥин диэн таайтаран этэ сатаабыттарын эдэр киһи истибэтэх. «Ээ, манна чуумпуга ойуур саҕатыгар үчүгэй, үлэбиттэн да чугас, бэрт!» – диэбит. Онтон күһүөрү сайын истибиппит, Киргиэлэй кэргэнэ оҕотун илдьэ дойдутугар барбыт. Сурах иһиллибитинэн, күнү быһа дьиэҕэ оҕотун көрөн олорон, дьон саҥатын истэр эбит, өссө хаста даҕаны күлүк курдуктары көрөн олус куттаммыт. Куһаҕан тыын баарын этэ сатаабытын кэргэнэ отой итэҕэйбэтэх уонна ол дьиэҕэ соҕотоҕун олорон хаалбыт.
Киргиэлэй дьоно барбыттарын кэннэ, хас да күн арыгылаабыт, бииргэ үлэлиир дьонугар: «Мин олорор дьиэбэр өлө итирик эрэ киһи холкутук утуйан турар дьиэтэ», – диэбит. Дьиэҕэ дьон саҥата, сороҕор хаһыы иһиллэр, миэбэли сыҕарытар тыас эмиэ баар эбит.
Киргиэлэй кэргэнэ кэлэн илдьэ бара сатаабытын эр киһи буолумматах. Күһүнүгэр хас да күн үлэтигэр тахсыбатаҕын дьиктиргээннэр бара сылдьыбыттара, арай киһилэрэ өйүн сүтэрэн, илиитигэр быһах тутуурдаах нэһиилэ бырдыргыы сытар эбит. Дьиэ мала-сала барыта күөрэ-лаҥкы түспүт, иһит-хомуос бөҕө алдьаммыт үлтүркэйдэрэ муостаҕа ыһыллыбыт. Бу кэнниттэн Киргиэлэй соҕотоҕун туох да иһин хаалбат буолбут, ыйы-ыйынан саҥарбакка сылдьыбыт дииллэрэ. Төбөтүгэр оҕустаран сыл аҥаарын кэриҥэ эмтэммит.
Ити алдьархай кэнниттэн хас да сыл ааспыта. Киргиэлэйдээх диэн ыал хаһан да кэлэ сылдьыбатахтарын курдук, киһи куйахатын күүрдэр кэпсээннэр умнуллан барбыттара.
Биир кэмҥэ сулумах киһи олохсуйа кэлэн, ол дьиэ адьас чугаһыгар дьоҕус дьиэни тутта охсубут. Дэриэбинэ саастаах өттө ити чугас турар дьиэ соччото суоҕун сэрэтэ сатаабытын истибэккэ, чопчу ол дьиэ таһыгар туттубут эбит. Арай күһүөрү били киһилэрэ хас киэһэ ахсын тутуутун таһыгар кэлэн олорор, кими эрэ кытта кэпсэтэр курдугун сибикилээбиттэр.
Тымныы да түспүтүн кэннэ, син биир кэлэн олорор буолар эбит. Алтынньы бүтүүтэ били киһи саҥа тутуллубут дьиэтин көҥдөйүгэр бэйэтигэр тиийиммитин буланнар, дьон сүрэҕин хайыталаабыт… Ол миэстэттэн саҥа түспүт хаарга дьахтар уонна кыра оҕо атахтарын суоллара бааллара үһү. Ити дьулаан быһылаан буолуон аҕыйах хонук иннинэ, бокуонньук дойдутугар бара сылдьан: «Бэрт сотору кэргэннэнээри сылдьабын, ол дьахтарым уол оҕолоох, мин туттубут дьиэбиттэн ыаллыы дьиэҕэ олорор», – диэн кэпсиирэ үһү.
Иэдээн төрдө буолбут дьиэ билигин даҕаны турар, ким да олорбот, чугаһыгар дьиэ туттубаттар, аттынан да мээнэ сылдьыбаттар. Киһи чопчу туох диэн быһаарыан уустуга, дьиэни көстүбэт күүстэр уйалара эрэ дии саныыллара.
Сахаяна Лопатина
Сэлиилии сиэлэн
Икки сыл анараа өттүгэр сайыҥҥы сынньалаҥмар түбэспит быһылааным өйбүттэн-санаабыттан тахсыбакка эрэйдиир…
Самаан сайын сатыылаан турдаҕына, от-мас силигилии ситэн, сыт-сымар минньийэр, сир аһа буһар Бөтүрүөп кэнниттэн, нэлэмэн киэҥ сахабыт алаастарын, хотуулаах ходуһаларын нуолур солко отторо хойдон, бар дьон окко киирэр кэмнэрэ тиийэн кэлэр. Дьэ, бу кэмҥэ буоллаҕа дии, тыа ыала уһун кыстыкка бэлэмнэнэн, сайыҥҥы куйаас, ылааҥы күннэри баттаһа, үлэтин-хамнаһын үгэнэ! Охсуллубут от сыта, субуллар субуулар, лэкэспит лэкээлэр, от кээһии, отуу чэйэ, омурҕаҥҥа тахсан сылааны таһааран сынньанан олоруу, бэл, киһи сонньуйуох, кумаартан куотуу, оҥоойулардыын охсуһуу – үтүө да буоллаҕа.
Ол сайын бастаан өрүс арыытын охсубуппут, онтон сэлиэнньэттэн уонча килэмиэтирдээх сиргэ сытар алааска киирбиппит. Кииринньэҥ аҕам эргэ «УАЗ» массыынатынан күөрэ-лаҥкы сахсыллан төттөрү-таары айанныырбыт, ол эрэн оҕо эрдэхпиттэн тэбэр бэлисипиэппин тиэйэн илдьэ баран, төннөрбөр бэйэм көлөбүнэн кэлэр буолбутум. Биир киэһэ баһаам бугулу оҥорбуппут, киэһэлик күн арҕаалыырын саҕана, аҕам хомунан барбыта. Хаалан, бастаан күөлгэ дуоһуйа сөтүөлээбитим, күнүскү күүстээх үлэ кэнниттэн сылаас ууга сөтүөлүүр үчүгэй да буоллаҕа! Тимир көлөбөр олороот, бөһүөлэк диэки айаннаабытым. Тиэтэйбэккэ тэбэн истэххэ, саҕахха саһан эрэр күн кытара саһарбыта кэрэ көстүү буолан дууһабын кынаттыыр курдуга, элэҥнэһэн ааһар бэс, хатыҥ мастар «сарсын эмиэ от бөҕөнү охсоор» диир курдуктара. Онтон салгыы түөрт килэмиэтир курдугу барбытым кэннэ, аны олохтоохтор отторун угар күрүөлэрэ кэлитэлээбиттэрэ, өссө да кур оттор тураллара көстөрө. Суол тосту эргиллиитэ кэлбитэ, бу миэстэ кутталлааҕа диэн, утары туох иһэрин көрбөккө хаалыахха сөбө. Бу айаннаан иһэммин, суолга куоластыы турар кыыс, тайахтаах эмээхсин айан массыыналарын сырсалларын туһунан киһи иэнэ кэдэҥэлиир дьон кэпсээнин санаан кэлбитим. Ити курдук ону-маны саныы иһэн өйдөөн көрбүтүм, суол өҕүллүүтүттэн тураҕас аттаах киһи сэлиилии сиэллэрэн иһэр эбит. Эмискэ көрө биэрэн олус соһуйбутум! Чугаһаан баран, ат туйаҕын тыаһа отой да иһиллибэтин дьиктиргээбитим. Айанньыт сындалҕаннаах айантан сылайбыт көрүҥнээҕэ, тулатын көрүммэккэ, көбүс-көнөтүк туттан олороро, хараҥа таҥастааҕа, лаппа чугаһаабытым, атаҕа уп-уһун эбит, мэктиэтигэр сири таарыйар курдуга. Ат бэйэтэ сиэри таһынан уһун, үс-түөрт сылгыны кэккэлэһиннэрбит курдуга, айыы сирин сылгыта, Дьөһөгөйүн оҕото ама итинник буоллаҕай диэх курдук санаа киирэн ааспыта. Начаас икки ардыгар аттаах киһим бу тиийэн кэлбитин утары көрөн бараммын, бэлисипиэппиттэн сууллан, охтон түспүтүм. Муннубар амырыын сыт саба биэрэр курдуга да, өйбүн сүтэрэн кэбиспит этим. Өйдөнөн турбутум, аттыбар ким да суоҕа, уҥа тобугум уотунан аһыйара, тириитэ саралаабыт этэ. Ойон тураммын, туох баар күүспүнэн бэлисипиэппин тэбэн, уон биэс мүнүүтэ курдугунан дэриэбинэҕэ кэлбитим. Уолуйбут, уйуһуйбут куттал санаабын оҕолор күйгүөрдэрэ, ыал тиэргэниттэн иһиллэр муусука, тэйиччи хайа эрэ киһи уһанар эрбиитин холбоспут тыаһа уоскуппута. Дьиэҕэ киирээт да, туохха түбэспиппин дьоммор кэпсээбитим. «Бэйэтин дьыалаларын ситэрэ-оһоро сылдьар, туспа ыырдаах айанньыт буолуо», – диэн санааларын түмүктээбиттэрэ.
Күн бүгүн да ол аттаах киһи муҥунан көрбүт харахтарын кыайан умнубаппын.
Георгий Старков