Страница 46 из 48
СУОРАТ простокваша; тар заквашенное варёное молоко про запас.
СУОРҔАН (сабыы) одеяло; баата сабыы ватное одеяло, түү сабыы пуховое одеяло; суорҕан-тэллэх киһитэ лежачий больной.
СУОРУМА неожиданный, непредвиденный; суорума суоллан найти преждевременную смерть.
СУОРУМНЬУ сват, сваха; гонец, вестник; перен. посланец, посол.
СУОРУН упорный, непреклонный; замкнутый; Муус (Тоҥ) Суорун мифологический образ равнодушный, холодный; суорун хайа высокая и гладкая гора.
СУОРУНА жернова, ручная мельница.
СУОС I усил. част. суос-сыгынньах голышом; суос-сымыйа совершенная ложь.
СУОС II пыл; жар, высокая температура; күн суоһа дневная жара; оһох суоһа печной жар; уот суостаахтык умайар печь пышет жаром; ыарыһах этин суоһа жар тела; оһох суоһуур печь обогревает; суостаах жаркий, палящий.
СУОС III строгость; уор-кылын гнев; суос дьыала страшный случай; суостаах строгий, неприступный, страшный; суостаах киһи грозный человек; суоһаа (суоһурҕаа) грозить, куттал суоһуур грозит опасность; суоһар валить; осиливать, одолевать; өстөөҕүн суоһарда сразил врага.
СУОТ счёт, расчёт; туохха суоттанаҕын на что рассчитываешь.
СУОХ 1. нет (отрицание); суох, бүгүн кэлбэт нет, сегодня не придёт; туох да суох ничего нет; харчым суох денег нет; мин суох этим меня не было; 2. отр. част. отсутствие, недостаток; тыла суох немой; үлэтэ суох безработный; эрэ суох дьахтар незамужняя; улахана суох, кыра небольшой; суохтаа замечать отсутствие; скучать.
СҮБЭ совет; способ, выход; согласованное решение; сүбэлээ советовать, наставлять; передавать способ, учить искусству; сүбэлэс советоваться; сүбэһит советчик, сүбэтэй наставник.
СҮГҮЛҮН см. сүк разг. уезжать, отправляться с миром.
СҮГҮЛЭЭН шум, суматоха; сүгүлээннээ поднимать шум, суету; чинить разгул.
СҮГҮН I спокойно, тихо, смирно; сүгүн олор сиди прямо.
СҮГҮН II сүктэн кэл входить в дом жениха; сүгүннэр приводить в дом невесту.
СҮГҮРҮЙ преклонять колено, опускаться, становиться на колени; низко кланяться; сүгүрүйүү низкий поклон, преклонение; почитание, уважение.
СҮГЭ топор; чохороон маленький топор; килиин сүгэ колун; эвфем. киргил, тоҥсоҕой; сүгэ уга топорище; сүгэ-балта тыл веское слово.
СҮДҮ экспр. великий; громадный, грандиозный; важный, важнейший.
СҮҮДҮЙ ослабевать; отощать, худеть; приворожить.
СҮДЬҮҤНЭЭ немного хромать, прихрамывать.
СҮҮЙ 1. выигрывать, одерживать верх, превосходить; сүүйүү выигрыш, победа; сүүйтэр проигрывать; сүүйтэриилээх проигрышный, проигравший; 2. терять (вес); кырдьан этин сүүйэр по старости становится тощим.
СҮК носить на плечах; оҕотун сүгэ сылдьар носит ребёнка на плечах; наваливать себе на спину; принимать на себя; кыыс сүктэн кэллэ невеста вошла в дом жениха; сүктэр сесть на плечи; кыыс аҕатыгар сүктэрэн иһэр девочка сидит на плечах отца; взваливать; миэхэ сүктэрдилэр поручили мне; сүгэһэр ноша за плечами; тяжёлая ноша; обременённость.
СҮЛ свежевать, снимать шкуру; обдирать, сдирать; тириигин сүлүөм спущу с тебя шкуру.
СҮҮЛ время полового возбуждения; сүүлэ киирбит течка у животных; сүүлүргээ собираться для случки, для спаривания; токовать (тетерев); высшая степень; сүүллэр этиҥ сильный, раскатистый гром.
СҮЛБЭ 1. русло; хаа фарватер; уу үрэҕи сүлбэтинэн кэлбит вода прибыла по самые берега; 2. ободранная кора, когда деревья в соку.
СҮЛЛҮҮКҮН водяной; уу абааһыта водяной дух.
СҮЛЛЭСТИГЭС нахмуренный (о бровях).
СҮЛҮГЭС дубина, деревянная колотушка; сүлүгэстээ бить наотмашь, ударять изо всех сил; перен. критиковать беспощадно.
СҮҮЛҮКТЭЭ пренебр. жульничать, мошенничать.
СҮҮЛҮҤҮЙ (сүүрүҥүй) эт недоваренное мясо, выделяющее бледный сок; сылгы этин сүүлүҥүйдүү буһар подавать конину в недоваренном виде; перен. сүүлүҥүйдээ относиться недоверчиво.
СҮЛҮҺҮН (сүүс, дьаат) яд, отрава; сүлүһүннээх ядовитый; злобный, ехидный; сүлүһүннээх тыл язвительное слово.
СҮМЭ 1. отверстие, канал; куртах сүмэтэ пищеварительный канал; эмиий сүмэтэ канал грудного соска; сүөк сүмэтэ мочеиспускательный канал; 2. сок; эт сүмэтэ мясной сок; от сүмэтэ сок травы.
СҮҮМЭРДЭЭ (сыымайдаа) делать выбор, выбирать поштучно.
СҮҮМЭХ масса; суорат (бөлөнөх) прокисшее молоко; суорат сүүмэҕэ густая масса; иэдьэгэй творог; сүүмэх баттах прядь волос; сүүмэх кыл пучок конских волос.
СҮҮНЭ большой, огромный; сүҥкэн тутуу величественное сооружение; сүүнэ улахан үлэ незаурядный труд; сүүнэ баай очень богатый; сүүнэ киһи буолбут ребёнок подрос.
СҮҤ экспр. (сүҥкэн) огромный, громадный.
СҮПСҮК (сүпсүлгэн) суета, хлопоты, беспокойство; шум-гам; сүпсүй беспокоить, тревожить; сүпсүгүр хлопотать, тревожиться.
СҮПТҮР слизь половых органов; мочевой вкус, запах; бран. вонючка, шлюха; сүптүр уола (көссүү уола) внебрачный ребёнок.
СҮР 1. жизненные силы, психическая энергия человека; сүрүн баттатар, сүрэ тостубут, сүрэ ыстаммыт человек с подавленной, сломленной психикой; сүрдээх имеющий жизненные силы; бөҕө сүрдээх-куттаах сильный духом; сүргэ дух, душевное состояние; сүргэтэ көтөҕүллүбүт в состоянии вдохновения; 2. страх, ужас; сүрдээх страшный, ужасный; ужасно, страшно; сүрүн даа сүрүн как страшно; 3. модальн. част. весьма, очень; сүр күүстээх страшно сильный; сүрдээх үчүгэй весьма приятный; сүрдээх кыра очень маленький.
СҮҮР 1. бегать, бежать; сүүрт пускать в бег, заставлять бежать; сүүрдэн кэл прискакать; сүүрүүнэн бегом; сүүрүү бег; ат сүүрүүтэ конные скачки; 2. течь, стекать; сүүрүгүр струиться, литься; сүүрт дать жидкости течь; процеживать; үрэх сүүрдэр речка течёт; 3. решето из конских волос, черпак из прутьев.
СҮҮРБЭ двадцать; сүүрбэһис двадцатый; сүүрбэлии по двадцать; сүүрбэччэ около двадцати; сүүрбэтэ двадцать раз.
СҮРГҮӨХ (тоноҕос) позвонок; түҥнэри сүргүөхтээх упрямый, своёвольный.
СҮРГЭЙ разбрасывать (землю копытами); раскидывать (стог сена); сносить (изгородь рогами); обыскивать, ньэҥньий ворошить вещи; сүргүй сильно беспокоить, тревожить.
СҮРДЬҮГЭС столбы с отверстиями для поперечных жердей; үүт күрүө, сүрдьүгэс күрүө изгородь на столбах с отверстиями для жердей.