Страница 47 из 48
СҮҮРҮК 1. бегун (спортсмен); сүүрүк ат скакун; 2. течение, поток; быстрина (в реке); сүүрүктээх үрэх глубокая речка.
СҮРҮН киһи сүнньэ спинной мозг; чүмэчи сүнньэ фитиль; өрүс сүнньэ русло (реки, речки); сүрүн направление; сүрүн сорук основная цель; сүрүннээ направлять; руководить.
СҮРЭХ I 1. сердце; сүрэх тэбиитэ биение сердца; тарбах сүрэҕэ пульс; хаппыыста сүрэҕэ вилок, кочан капусты; сүрэхтэт проявлять причуды (о беременной); разг. сүрэх-быар душа; с притяжат. афф.: сүрэҕим-быарым батарбат не терпится (мне); истиҥ сүрэхпиттэн от всего сердца+моего, сүрэҕэ таайар предчувствует (сердце+его); 2. рвение, жажда деятельности; энергия; сүрэхтээх трудолюбивый, деятельный; сүрэх-бэлэс киһи усердный; сүрэҕэлдьээ лениться, бездельничать.
СҮРЭХ II нательный крест; сүрэхтэммит носящий крест, крещеный.
СҮҮС I лоб, чело; сүүһүгэр күннээх семи пядей во лбу.
СҮҮС II сто; сүүс солкуобай (мөһөөх) сто рублей; сүүстэ сто раз; сүүстүү по сто; сүүсчэ, сүүсчэкэ около ста.
СҮҮС III сүлүһүн отрава, яд; сүүстээх от ядовитое растение; сүһүрүү заражение, отравление; сүһүр заражаться, отравляться; сүһүрэн бар воспаляться; устунан сүһүрэн барда воспаление распространяется; сүһүрт заражать.
СҮҺҮӨХ уҥуох сүһүөҕэ сустав; умнас сүһүөҕэ колено; тыл сүһүөҕэ слог; үүнэр сүһүөх молодое поколение; отдел, отделение, алын сүһүөх үөрэхтээһин начальное обучение; порядок, этап; сүһүөхтээх имеющий суставы; сүһүөхтээх уол устойчивый, крепкий в суставах; сүһүөҕүнэн по этапам, включая отдельные этапы; сүһүөх-сүһүөх по частям, по отдельности; сүһүөҕэр туруор поднять на ноги; сүһүөҕэ уйбат не в состоянии; сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэн фольк. преклоняя колени.
СҮТ теряться, пропадать, исчезать; потухать, им сүттэ погасла вечерняя заря; тыас-уус сүттэ всё затихло; сүтүк потеря, пропажа; ыар сүтүк тяжёлая утрата; сүтүктэн понести утрату; сүтүктээ обнаруживать пропажу; сүтэр терять, лишаться; итэҕэли сүтэр утратить веру, доверие; өйгүн сүтэр потерять сознание.
СҮҮТҮК напёрсток; тимир сүүтүк металлический напёрсток.
СҮТҮӨР соперник, соперница; сүтүөр аҕа отчим, сүтүөр ийэ мачеха, сүтүөр ойох вторая жена (одьулуун).
СҮӨГЭЙ сливки, сметана; сүөгэй иирдии пахтание; сүөгэй уута пахта.
СҮӨДЭЙ смутно виднеться (большого роста); сүөдэҥнээ ходить медленно, вразвалку; медленно проходить, мешая другому.
СҮӨК мочеполовой орган (о скотине); сүөк буолбут воспаление мочевого канала.
СҮӨКЭЭ опорожнять, вываливать, выливать, опрастывать (посуду), освобождать (от поклажи); сүөкэн опорожняться; мочиться; саахтаа, сыптарый испражняться; эвфем. тахсан киир, чэпчэтин; тэһин, холун.
СҮӨЛ (сүөргү) неприличный, непристойный; сүөргү быһыы неуместный поступок; сүөлүргээ, сүөргүлээ порицать, осуждать, считать странным.
СҮӨМ пядь, расстояние между большим и указательным пальцами; сүөм түс немного разочароваться.
СҮӨР развязывать (платок), распутывать (узел); тимэххин төлөрүт расстёгивать пуговицы.
СҮӨРГҮ неприличный, непристойный, предосудительный.
СҮӨҺҮ скот, скотина, животное; ынах сүөһү рогатый скот; сылгы сүөһү конный скот; дьиэ сүөһүтэ домашнее животное; сүөһү-ас домашнее хозяйство.
СЫБАА мазать, обмазывать; буорунан сыбаа обмазывать глиной; арыыны бис смазывать маслом; сыбаан оҥор (мэһий) лепить; сыбах обмазка помещения, саах сыбахтаах обмазанный навозом.
СЫБДЫЙ легко, быстро, бесшумно ступать, подкрадываться.
СЫБЫЫ (сыһыары) плотно прилегающий; сыбыы тут делать пристрой.
СЫБЫДАХ не запряженный, не осёдланный; сыбыдах ат конь без седла; сыбыдахтаа расседлать; булгут распрягать; сыгынньахтаа раздевать.
СЫЫБЫРҔАА говорить сквозь зубы; жеманиться; сыыбырҕас издающий свистящий звук; сыыгынаа сопеть, шипеть, тяжело дышать.
СЫБЫЫТАА ходить часто, безо всякой цели.
СЫГАН двоюродные, троюродные братья или сёстры.
СЫГААННАА дразнить, издеваться, тешиться, насмехаться.
СЫГЫНАХ вывороченный с корнями пень; корень дерева.
СЫГЫННЬАХ голый, нагой; обнажённый, раздетый (человек); атах сыгынньах босой; сыгынньахтаа раздевать, разувать; снимать одежду; сыгынньаҕын голышом, нагишом; сыбыдахтаа расседлать коня; булгут распрягать коня.
СЫҔАРЫЙ (сыҕарыҥнаа, сыҕарыс гын) отодвигаться, перемещаться.
СЫҔАРЫМ последний, конечный; самый последний день.
СЫЫДАМ (аллаах, түргэн) быстрый, скорый, сымса проворный; сыыдамсый быть более энергичным.
СЫДЬААЙ экспр. сияние; сиять, греть.
СЫДЬААН тымыра-сыдьаана дальний родственник; презр. отродье.
СЫЫЙ (субуй) вытягивать; сыыйан ыл выбирать.
СЫЫЙА постепенно, исподволь; оргууй аҕай потихоньку.
СЫК (һык) гын вдруг вздрогнуть; детск. речь: сыллаа поцелуй.
СЫККЫС источник; уу сыккыстыыр вода капает; сыккыраа журчать; сыккырыыр тыына еле живой.
СЫЛ год; төгүрүк сыл круглый год; сыл таҕыс перезимовать; сыллааҕы годовой; биир сыллаах годовалый; сыллата, сыл ахсын, сыл аайы ежегодно.
СЫЫЛ ползти, ползать; катиться; еле двигаться (о старом человеке): сыылба медлительный, нерасторопный (нэс, мөдөөт, мөдөөн).
СЫЛАА усталость, утомление; слабость; сылаалаах утомительный, трудный; сылай, сылаарҕаа уставать, утомляться, утруждаться (алларый, солбонуй, үгдэрий).
СЫЛААС (ичигэс) тепло, тёплый; сылый потеплеть, согреваться; сылыт греть (о жидкости); подогревать; сыламнаа греться на солнце; нежиться.
СЫЫЛБА медлительный, нерасторопный.
СЫЛБАЙ уу сладкий сон, спать сладким сном.
СЫЛБАРХАЙ чэй чай без закуски.
СЫЛБАХ валежник, беспорядочная куча (арбах); сылбах бүтэй изгородь.
СЫЛГЫ конный скот; сылгы этэ конина; сылгылаа искать, приводить; сылгытый закаляться, приспосабливаться к холоду.
СЫЛДЬЫЫ посещение, визит; сырыы (айан) путешествие; хайдах сылдьаҕын разг. как самочувствие.
СЫЛЛАА нюхать (в знак любви, нежности), целовать.
СЫЛТАХ повод, предлог; төрүөт причина; сылтахтан получить повод, иметь случай; сылтаан, сылтанан предл. из-за, в связи с тем.