Добавить в цитаты Настройки чтения

Страница 41 из 48



СААС I возраст; оҕо саас детство; эдэр саас юность, молодость; кырдьар саас старость; сокуоннай саас совершеннолетие; үйэлээх саас, саллар саас вся жизнь; время от роду, сааһырбыт пожилой; с притяж. афф.: сааһыҥ хаһый сколько тебе лет; сэттэм, сааһым сэттэ, сэттэлээхпин, мне семь.

СААС II весна; весною; сааскы весенний; сааһыары к весне.

СААС III (араҥа, дьапталҕа) слой; мас сааһа волокно; саас-сааһынан по порядку; сааһылаа складывать, укладывать.

СААСТААХ I в возрасте … лет; пожилой, в летах; старый, престарелый; эт саастыы ровесник, сверстник, однолетки.

СААСТААХ II өстөөх-саастаах; враждебный, неприязненный; өстөөххүн өһөр, саастааххын самнар уничтожить врага, одолеть неприятеля.

САҺАРҔА зарево; сарсыардааҥҥы саһарҕа свет восходящего солнца; киэһээҥҥи саһарҕа свет заката.

САҺАРХАЙ жёлтый (кугас, араҕас); оранжевый, жёлто-красный, рыжий; гнедой (о лошади); русый (о волосах); карий (о глазах); саһарар ыарыы желтуха; саһар желтеть, страдать желтухою.

САҺЫГЫРАА громко смеяться, хохотать.

САҺЫЛ лиса, лисица; кыһыл саһыл рыжая лиса, кэрэмэс саһыл сиводушка, хара саһыл чёрно-бурая; лисий мех, саһыл бэргэһэ лисья шапка.

САТ (һат) межд.: понукание конного скота.

СААТ стыд, срам; позор, бесчестье; саакка киир позориться; саатырт (саакка киллэр) стыдить, срамить; позорить; саат куттарыы возмещение морального ущерба; сааттаах позорный, постыдный; саатыган, саатымтыа (кыбыстанньаҥ) застенчивый, стыдливый, совестливый; саатырҕаа стыдиться, конфузиться, совеститься; сааппат бессовестный, бесстыжий; хараҕа саатар ослеплён светом.

САТА камень волшебной силы, вызывающий ненастье; саталаах с магической силой; саталан заиметь магическую силу; сата баһын тарт вызывать ссору; саҥатын сатата резонанс его слов, аба-сата досада, раздражение.

САТАА 1. уметь, мочь, быть в состоянии; сатан получаться, удаваться; сатанар можно, возможно, сатаммат невозможно, нельзя; сатас уживаться, находиться в хороших отношениях; 2. вспом. гл. була сатаа постараться найти; сылдьа сатаан көр делай как хочешь.

СААТАА утешаться, забавляться, развлекаться; саатат утешать другого, развлекать.

САТАБЫЛ умение, сноровка; смекалка; понимание, разумение; хитрость, способность; сатабыллаах умелый, искусный, смекалистый; сатамньылаах удобно, сатамньыта суох неудобно.

САТАҔАЙ (саргы сатаҕай) дырявый, аһаҕас открытый, разрозненный; неустроенный, несовершенный, ыһыллаҕас беспорядочный; сатаҕалаа (садаҕалаа) разрознять, разворачивать, раскидывать.

САТАНАХ сэргэ коновязь с сучьями для развешивания предметов.

СААТАР модальн. сл. муҥ саатар, сатаатар хоть, хотя бы, по крайней мере; только, однако же.

САТАРЫЙ I расстраиваться, разрушаться, приходить в упадок; санаабыт сатарыйда мысли перепутались.

САТАРЫЙ II сатараа раздаваться; издавать громкие звуки; сатараата гулко отдаётся, разносится, гудит.

СААТТА межд. злорадство; поделом тебе, так тебе и надо.

САТЫЫ пешком, пеший, пешеход; низкий, близкий к земле, сатыы былыт низко плывущие облака; сатыы халлаан нижнее небо; сатыы ыарҕа мелкий кустарник, сатыы кус неспособная летать утка; сатыылаа ходить пешком; ыарыы сатыылаата напала хворь.

САХ I дьявол, чёрт (абааһы); сах салаатын к чёрту, сах билэр чёрт знает.

САХ II время; ол сахха, ол саҕана в то время; күн тахсарын саҕана во время восхода солнца; ол саҕанааҕы тогдашний; ол саҕаттан с того времени; хайа сах уже.

САХ III высекать; саҕыы высекание огня; талааны сах выявлять талант; кыым сахта высек искру; саҕаһа материал для растопки (береста, щепка).

СААХ кал, испражнения, экскременты; хойуута эвфем.; көтөр сааҕа помёт, сүөһү сааҕа навоз; тиис сааҕа зубной налёт; тимир сааҕа шлак, окалина.

САХА в старину: человек (киһи, урааҥхай); урааҥхай саха якут; племя якутов, инородцы; сахалыы по-якутски, на якутский лад, по якутскому обычаю; сахатытыы якутизация.

СААХАЛ поломка, авария; неприятность, непредвиденный случай.



САХСААН пересуды, толки, сплетни.

САХСАРХАЙ рыхлый; рассохшийся; сахсаҕар взъерошенный; сахсай рассыхаться, уһаат сахсайбыт; расшатываться; сахсат дать рассыхаться, буору сахсат, көбүт рыхлить землю; баттаххын сахсат взъерошить; оту сахсаҥнатан биэр ворошить сено; сахсый трясти, взбалтывать, встряхивать (подушку).

САХСЫРҔА муха обыкновенная (бырдах, ньаалаҕай); мясная муха.

СИ 1. усил. част. [си+билигин] сейчас же, си+итинник, са+маннык точно так; 2. так себе, попусту, даром, напрасно, си сырыттым был впустую; си буолуохтааҕар чем даром быть; си-дьүгээр хаалбата не пропало.

СИИ осуждение; порицание; сиилээ-одуулаа осуждать.

СИБИГИНЭЙ говорить шёпотом; сибис гын шептать, сплетничать.

СИБИКИ признак, примета; улика.

СИБИИККЭ тюрьма, карцер.

СИИБИКТЭ хвощ (боруу, чыыбаҕа).

СИБИИР 1. Сибирь; 2. сир-сибиир земля, земной шар; вселенная, мир.

СИБИЭККЭЭ экспр. опасаться, остерегаться; чуять недоброе.

СИБИЭН привидение, призрак.

СИБЭККИ цветок, цветы; перен. олох сибэккитэ дети.

СИИБЭР редкий, не густой; сиибэр самыыр мелкий дождь.

СИБЭТИИ освящение церкви; сибэтии гын освящать.

СИГИЛИ (айылгы, майгы) характер, нрав; обыкновение, привычка.

СИГЭ связка из тальника; лыко.

СИГЭН 1. тереться; делать ссылку; 2. приставать, привязываться.

СИИДЭЛЭЭ просеивать, цедить; тщательно отбирать, выбирать.

СИДЬИҤ груб. гадкий, мерзкий, скверный.

СИИК I роса; сырость, влажность, влага; сииктээх мокрый, сырой, влажный; сыроватый; сиигир сыреть, делаться влажным; сиигирт увлажнять; сиик түстэ пала роса.

СИИК II шов, строчка на одежде; төбө сиигэ теменной шов; сииктээх имеющий шов.

СИККИЭР лёгкий ветерок; дуть слегка.

СИКСИЙ трясти, көтүт веять; сиксилин трястись.

СИКСИК халлаан сиксигэ небо у горизонта, ыаҕас сиксигэ шов на дне берестяной посуды, илин халлаан сиксигэр на краю восточного неба.

СИИКЭЙ сырой, неспелый; сиикэй эт сырое мясо; сиикэй отон неспелая ягода; сиикэй уу не кипячёная вода; сиикэй баас открытая рана, язва; сиикэйдии в сыром виде; разг. сиикэйдиир обманывает, лжет, врёт, говорит неправду.