Страница 34 из 48
НЬИРГИЧЧИ довольно долго; ньиргиччи үлэлээ работать без передышки.
НЬИРЭЙ телёнок; ньирэй оҕо младенец, дитя; ньирэй от молодая трава; ньирэй баттах волосы от рождения; ньирэмсий прикинуться маленьким.
НЬИЧЧЭҔЭЙ (инчэҕэй) мокрый, влажный, сырой (о дровах); влага; инчэҕэй эттээх живой человек.
НЬОҔОЙ дурной, зловредный; чрезвычайно упрямый (өһөс, бөппүрүөк, харсаах); ньоҕойдос не отступаться ни за что; ньоҕох грязь, слизь.
НЬОҔОР сыа балык тугунок.
НЬОЛБОҔОР (ньолоҕор) уһун ньолбоҕор продолговатый, овальный; ньолоҕор сирэйдээх с длинным лицом.
НЬОНДОҔОР сотолоох с высокими тонкими ногами.
НЬУЛДЬАҔАЙ экспр. слабый, хилый; ньулдьаҕай эттээх неокрепший телом.
НЬУЛУУН пресный (тууһа суох), малосольный.
НЬУУР лицо, лик; лицевая сторона предмета.
НЬУРГУН (бастыҥ) славный.
НЬУРГУҺУН подснежник, первый весенний цветок.
НЬУОЛАХ түү нежный пух; ньуолах от шелковистая трава.
НЬУОЛБАР пренебр. плутоватый, умеющий заискивать, льстить.
НЬҮДЬҮ балай невежда; крайне невежественный, тёмный, примитивный; балай слепой, незрячий.
НЬҮКСҮГҮР сутулый, сгорбленный.
НЬҮКЭН 1. застенчивый, робкий, несмелый; 2. глухое место; үс ньүкэн үөдэн фольк. нижний мир.
НЬЫГЫЙЫК детск. речь: милушка, миленький.
НЬЫГЫЛ твердый, крепкий; чиҥ плотный; сплоченный, единый.
НЬЫКАА избалованный (ребёнок); ньыҥаалаа плакать, капризничать.
НЬЫЛАҔАР с покатым лбом; ньыхаҕар с короткой шеей.
НЬЫЛАМАН маҥан чистый, светлый (о девушке); белолицый.
НЬЫЛАҤНАА пренебр. ласкаться, льстить, подхалимничать, угождать.
НЬЫЛБА выкидыш, недоносок; бран. молокосос.
НЬЫЛБАРАҤ слезящийся, гноящийся (о глазах).
НЬЫЛБЫ 1. совсем, совершенно; 2. ньылбы бар выскользнуть; ньылбырхай скользкий, слизистый.
НЬЫЛБЫЙ двигаться осторожно, бесшумно.
НЬЫМА приём, метод, средство; способ; көмө-ньыма подмога.
НЬЫМААТ дар; бэлэх подарок; обман, хитрость; ньымааттас делать подношение.
НЬЫМСА легкий, удобный (об одежде); сымса, хапсаҕай проворный.
НЬЫЫМЫРҔАА неодобр. говорить тихо, капризным голосом.
НЬЫППАРЫН сиэххин засучить рукава.
НЬЫРҔА жидкий; ньырҕа түүлээх жидкий мех, редкий (о траве).
НЬЭКЭЭ (ньээкэ, ньэкэ) дорогое, любимое, сокровенное; көмүс ньэкээ уйа дорогое гнездо, родной дом.
НЬЭЭМ от, алтан от, алтан бас одуванчик.
НЬЭМИЭТ выкройка; таҥас киэбэ форма.
НЬЭҤНЬИЙ обыскивать; ньэҥньиир обыск.
О
ОБОР сосать; эм высасывать; оборчо вязкое болото, топь.
ОБОТТООХ (иҥсэ, мэнэгэй, соллоҥ) ненасытный, алчный; жадный.
ОБУРГУ 1. довольно большой; значительный; 2. усил. част. кыһын обургу матушка-зима, кини обургу он, такой молодец.
ОГДОЛУЙ экспр. потерять покой; оставлять место жительства; скитаться.
ОГДООБО вдова, вдовец; аҥаардас холостой.
ОҔО 1. ребёнок, дитя; с притяж. афф. оҕом ребёнок+мой, оҕоҥ ребёнок+твой, оҕото ребёнок+его (её); уол оҕо мальчик, кыыс оҕо девочка; оскуола оҕото школьник; кыһыл оҕо, ньирэй оҕо младенец; оҕокком детка, деточка; оҕочоос, оҕо киһи юноша, күтүөт оҕо зятёк; оҕотук детский, наивный, незрелый; оҕотуй вести себя по-детски; оҕотут принимать за молодого, неопытного; 2. детёныш (животных); чыычаах оҕото птенец; кус оҕото утёнок; 3. уменьш. част. дьиэ оҕото домик; чыычааҕым оҕото пичужка моя.
ОҔОЛОО харай смотреть, присматривать за ребёнком; возиться, нянчить.
ОҔОННЬОР старик, старец; кырдьаҕас старый человек; убайым оҕонньор почитаемый человек старшего возраста; разг. оҕонньорум муж мой; эвфем. медведь.
ОҔУНУОХ мазь, сало для смазки.
ОҔУУР (оҕурук, маамык, маамыкта) петля, аркан; путы, оковы; оҕуруктаах өй, оҕуруктаах тыл хитрый, расчётливый ум; оҕо сааһы оҕуурдаан тутаммыт поэт. в годы юности.
ОҔУРДУК [ол+курдук [так, таким образом, вот так.
ОҔУРУО мелкие бусы; хоруоҥка бисер; стеклярус.
ОҔУС I бык; ат оҕус вол, атыыр оҕус бык-производитель, оҕус торбуйах бычок; кур оҕус вол в нагуле.
ОҔУС II 1. ударять, бить, колотить, поражать; бить в барабан, в колокол; батыйанан оҕус рубить саблей; отто оҕус косить; быһахта оҕус ковать нож (уһан); күөс охсор лепить горшки; улар охсор токовать; охсубут схватил удар (паралич); 2. част. сравнивать с чем, бэйэҕинэн оҕус судить по себе; 3. вспомог. глаг. быстро; бара оҕус идти сейчас же.
ОҔУТ (охтор) падать, упасть, валиться; свалиться, пропадать, гибнуть, околевать, охтубут ынах этэ мясо дохлой коровы.
ОҔУОЛАА выступать, просачиваться; хаан оҕуолуур сочится кровь.
ОДУУЛАА рассматривать, разглядывать; всматриваться, вникать, замечать; тонолуппакка одуулаа не сводить глаз; осуждать, порицать.
ОДУН жестокий, одун оҥоһуу жестокая судьба; одун халлаан устар. вышний, вышнее небо.
ОДУРУУН трахома; одурууннаах глаза с трахомой; прыщеватый шероховатый; перен. одурууннаах орто дойду фольк. негладкий (неспокойный) срединный мир.
ОДЬУЛУУН незаконная жена, наложница, сожительница.
ОДЬУНААС лучший, первейший; уол оҕо одьунааһа добрый молодец.
ОЙ I (ыстаҥалаа) прыгать, скакать; перескакивать, перепрыгивать; ойон тур вскочить; үрдүгү ой прыгать в высоту, чалбаҕы ой перепрыгнуть лужу.
ОЙ II подниматься, всходить; күн ойдо солнце поднялось.
ОЙ III находящийся в отдалении, ойдом, ойуччу турар дьиэ дом на отшибе; ой тыа островок леса; ой дуораана эхо; отзвук; ойун (ойдон түс, ойдон хаал; ойдубут) отколоться, отломиться.
ОЙБОН 1. прорубь, водопой; лунка; 2. вырез в железном кружке на спине шаманского костюма; перен. уязвимое место на теле.
ОЙМОО 1. брести, бродить по снегу, хаары оймоо идти по снегу без дороги; 2. макать; сүөгэйи сөмүйэнэн оймоон сиэ обмакивать указательный палец в сметану.
ОЙОҔОС 1. ребро; 2. бок, боковая сторона (тыы ойоҕоһо); ойоҕоһуттан со стороны, сбоку; ойоҕолоо идти рядом; ехать вдоль; ойоҕолос сближаться.
ОЙОХ жена, супруга; ойох ыл жениться, вступить в брак; ойохтоох женатый.
ОЙУУ I рисунок, узор (бичик, оһуор); ойуулаа делать рисунки, покрывать узорами; описывать, характеризовать; ойуулаах узорчатый; ойуу-оһуор тыл цветистые слова.