Добавить в цитаты Настройки чтения

Страница 32 из 48



МУУС устар апрель; муус устарга в апреле; муус устартан с апреля.

МУСКУЙ крутить, вертеть; выкручивать; мучить; эрий, имит донимать, допекать; олох эриирэ-мускуура трудности жизни, испытания.

МУТУК хаппыт мутук сук, сучок; үөл лабаа, салаа ветка; мутукча хвоя, игла хвойных лесов; көтөҕө опавшая листва, хвоя; мутукча тыллыбыт деревья зазеленели.

МУЧУМААН экспр. непорядок, шум, беспокойство.

МУОКАС диво, чудо; странность; муокастаа причинять неприятности, проказничать, делать пакость, пакостить.

МУОМАХТАА душить, давить; муомахтан, моҥун, моҥнон өл давиться, удавиться; вешаться, повеситься; бэйэҕэр тиийин наложить на себя руки.

МУОМУР экспр. худеть, хиреть; көтөхтөр тощать.

МУОС рог, рога; муос оҥоһук костяные изделия.

МУОТ слабый; көлөөк, муот киһи никудышний.

МҮЛТҮГҮР (мүлүгүр) тупой, тупоконечный; мүлүктээ беззубо жевать, грызть; мүлүр-халыр бегло, весьма неясно.

МҮЛҮЙ смягчиться (о погоде); тымныы мүлүйбүт мороз смягчился; мүлүүн умеренно тёплый; мүлүт делать тёплым; ууну мүлүтэ түс подогреть воду.

МҮҺЭ берцовая кость животных; расчленённые части ноги.

МҮЧҮҤНЭЭ улыбаться; смеяться глазами.

МҮЧЧҮРҮЙ соскальзывать; освобождаться, выпутываться; мүччү тут выронить; мүччү үктээ поскользнуться; оплошать; мүччүрүйбэт неизбежно; мүччү-хаччы чуть-чуть.

МЫНДАА верхняя часть; сир-дойду үрдүк мындаата поверхность земли; ат үрдүк мындаата хребет коня.

МЫНДЫР тонкий, проницательный; искусный; мындыр өй тон- кий ум.

МЫҤАА внимательно смотреть снизу вверх; өрө мыҥаа взирать с любовью.

МЫРДЫҺЫН морщиться, корчить рожу.

МЫАННАРЫК шнур, ремешки, завязки.

МЭЙ расточение, растрата; баайын мэй гынар расточает богатство.

МЭЙИИ мозг (головной); разг. разум, ум, мысль; өй-мэй, мэй-тэй нечётко, неясно; хоҥ мэйии, улар мэйии глупый, без ума.

МЭКТИЭ порука, поручительство; залог; мэктиэ тыл обещание; мэктиэлээ взять на поруки.

МЭКЧИРГЭ сова; сыч.

МЭЛДЬИ 1. всегда, постоянно, беспрестанно, непрерывно; 2. послелог: в течение, в продолжение; ыйы мэлдьи в течение месяца; тоҕус түүннээх күнү мэлдьи в течение 9 дней и ночей.

МЭЛДЬЭС не сознаваться, отпираться, отказываться, отрицать, отвергать; мэлдьэхтээх чыыһыла отрицательное число.

МЭЛИЙ 1. молоть (бурдугу тарт); растирать, толочь в порошок; 2. остаться ни с чем; лишаться, терять, утрачивать; мэлит потерять, утратить; мэлигир, мэличчи ничего нет, совершенно нет.

МЭНДЭҤЭ название звезды.

МЭНИК 1. шалун, баловник; мэниктээ, мэнигилээ шалить, баловаться; дурачиться; мэнигийээн баловень; 2. част. часто, много; ыалдьар мэник буол часто болеть; күлэр мэник буолар много смеётся.

МЭННЬИЭС венец.

МЭЭНЭ 1. попусту, зря, без смысла, без толку; 2. очень, весьма; отон мээнэ элбэх эбит ягод было предостаточно.



МЭНЭГЭЙ жадность; обот обжорство; иҥсэ мэнэгэй алчность.

МЭНЭЭК зря, напрасно, без цели; мэнээктээ ходить, бродить без цели; блуждать, скитаться; бродяжничать; размножаться в большом количестве; быйыл куобах мэнээктээтэ разводиться.

МЭНЭРИК нервная болезнь, припадочное состояние женщины; мэнэрий страдать истерией.

МЭҤ пятно; родинка, родимое пятно; мэҥнээх с родинкой; хара мэҥ перен. провинность, грех; позор на всю жизнь.

МЭҤИЙ (мэҥилээ, мэҥэлэстээ) прерывисто дышать, запыхаться; быстро бежать, мчаться, нестись; ластиться, подбираться; миигин эмиэ тоҕо мэҥийдэ к чему это бегает за мной.

МЭҤИЭ нажива, наживка, приманка; перен. мэҥиэлээ приманивать.

МЭҤИЭҺИН груб. пожирать.

МЭҤЭ вечный, непреходящий; өлбөт мэҥэ уута живая (вечная) вода; большой, обширный, пространный; мэҥэ халлаан бессмертное небо.

МЭҤЭҺИН садиться верхом на коня сзади другого; мэҥэһик верхом двоим на одной лошади; редиф; ыар мэҥэһик перен. тяжёлое бремя.

МЭЭР супту, өрүү всегда, вечно.

МЭРБЭЙ растягивать губы, собираясь плакать.

МЭЭРИ болтовня, вздор; болтун, болтливый; пустомеля; мээрилээ болтать.

МЭЭРЭЙДЭЭ мерить; кээмэйдээ измерять; кэтэн көр примерять.

МЭСКЭЙДЭН пренебр. суетиться, ходить без толку.

МЭҺИЙ месить, замесить.

МЭҺЭЙ препятствие; моһол преграда; моһуок помеха.

МЭТЭГЭР выдавшийся вперёд; ханаҕар выгнутый; мэтэй выдаваться вперёд; мэтэҥнээ, мэтэччи тут, мөтөй, выставлять грудь, живот.

МЭЧЧИЙ пастись, нагуливать; бродить; мэччирэҥ пастбище, выпас.

Н

НАҔЫЛ спокойный, неторопливый, тихий; наҕылыйыы успокоенность, нерасторопность, наҕыллык, наҕылыччы спокойно, неторопливо; наҕылыччы аһаа есть спокойно; наҕылыччы кэпсээ рассказывать не торопясь.

НАЙ тяжёлый, медлительный, ленивый; най барда отбился от рук, разленился; най хара былыт тяжёлая, чёрная туча; наахара тяжёлый (ыарахан); найылаа сваливать, перекладывать на другого; наай гыннар самое большее, в крайнем случае.

НАЙААННАА навязываться, приставать; хаадьылаа издеваться.

НАЙЫЛАА (көлбөрүй, сэлээннээ) сваливать, перекладывать на к. – л.

НАКЫЙ (накыҥнаа) сгибать колено; атаххын накыт согни ногу.

НАЛ мелкая вода на лугу; налыы низменное, заливаемое место; угодья, таалар налыы хонуулаах с отменными заливными лугами; налый стлаться, расстилаться, тянуться далеко; чуумпу киэһэ налыйда настал тихий вечер; хааман налыйдьый идти неторопливым шагом; наллаан обходиться, обращаться спокойно, неторопливо; наллаан кэпсэт разговаривать спокойно; налыччы спокойно, не спеша, без суеты, не торопясь; налыс гын вдруг обессилеть; успокоиться.

НАМ намыл, намылхай тихий, спокойный, благополучный; нам-нум олох спокойная жизнь (сынньалаҥ); намыһах низкий, невысокий; перен. отсталый, неразвитый, намыһах билии неглубокие знания; намтаа снижаться, опускаться; садиться (о солнце); падать, уменьшаться; тыас-уус намтаата шум утих; смиряться, покоряться; айдаан-куйдаан нам барда; намылый (нырылый) свешиваться (об одежде); медленно двигаться, лениво выступать; плыть (о звуках), нарын ырыа намылыйар медленно плывут нежные звуки (пение); намчы (намыын, наҕыл) мягкий, нежный, кроткий; Айыы Намыһын удаҕан добрая шаманка верхнего мира.

НАНАҔАР толстый человек с широкой грудью; нанай выставлять грудь.

НАР көр-нар пир; көрдөөх-нардаах весёлый, весельчак.