Добавить в цитаты Настройки чтения

Страница 29 из 48



КЭҤЭРИИ (хоҥуруу) переносица; кэтит кэҥэриилээх с широкой переносицей.

КЭП I участь, судьба, жребий (плохой); сүрдээх-кэптээх страшный, ужасный; кэп туонар жалуется на судьбу, кличет беду.

КЭП II толочь; перен. кэлиилии кэбэр твердит одно и то же, не отстаёт.

КЭПСЭЭ рассказывать, пересказывать; передавать, излагать; сказывать, повествовать, поведать; кэпсэт разговаривать, беседовать; договариваться.

КЭПСЭЭН (жанр) рассказ; сказание, предание, легенда; кэпсэл новость; слух, молва, толки; туох кэпсэллээххин какие новости; кэпсэл суох новостей нет.

КЭПСЭТИИ разговор, беседа; сговор, уговор, соглашение, договор; кэргэн кэпсэтии помолвка.

КЭРБЭЭ грызть, перегрызать; перен. донимать (о человеке); кэрбээччи грызун; кэскилгин кэрбэн лишать себя перспективы, испортить своё будущее.

КЭРГЭН 1. семья, семейство, фамилия; член семьи; 2. супруг, супруга; бу мин кэргэним это моя половина; кэргэним ыалдьар жена (муж) болеет; кэргэнэ суох неженатый, незамужем; кэргэннэн жениться, выйти замуж.

КЭРДИИ 1. см. кэрт рубка, зарубка, насечка; 2. кэм-кэрдии время, пора; 3. ыйыы-кэрдии предписание, указание; кэрдиис нарезка, полоса; ступень, ступенька; период, этап.

КЭРИ-куру печально, огорчённо; кэри-куру буолла огорчился.

КЭРИИМ круговой обход; кэрийии обход, осмотр, проверка; кэрий обходить, осматривать; побывать, проверять, посещать по порядку; кэридэх (кэрэдэх) бродяга; нищий, скитающийся по чужим углам.

КЭРИҤ мера, объём; кэриҥэ послелог: примерно, приблизительно, почти; икки сыл кэриҥэ около двух лет, уонча кэриҥэ киһи приблизительно человек десять.

КЭРИЧЧИ кругом, вокруг; посмотреть кругом, поочерёдно; кэриэн (кэрийэ) круг, круговой; кэриэн айах круговая деревянная чаша для питья.

КЭРИЭЛИЙ прибедняться, скрывать (часть); напрасно жаловаться на бедность; кэриэлийэр идэлээх имеет привычку прикинуться несчастным.

КЭРИЭР пригорать (о печёном, жареном); подгорать, быть с накипью, нагаром (кэһиэх); хааһы кэриэрбит каша подгорела; кэриэрбит подгоревший; хоруор покрываться копотью, сажей; хоруорбут солуурчах закоптелый котелок.

КЭРИЭС завет, завещание, заповедь; память, напоминание, дар на память; кэриэһин эппит оставил завещание; кэриэстээ чтить, уважать, оберегать; кэриэстэбил знак памяти.

КЭРИЭТЭ послелог: словно, подобно, вроде, как будто; почти; оҕом кэриэтэ словно родное дитя; сыл кэриэтэ буолла уже почти год.

КЭРТ рубить; кырбаа сечь; мас кэрдэр рубит дрова, дровосек; ый-кэрт велеть, указывать; кэрчик отрезок, обрубок; кусок, балык үөрэҕэһэ кусок рыбы.

КЭРЭ I прекрасный, замечательный; кэрэ дьүһүн красивый; пригожий, милый.

КЭРЭ II масть лошади: белый, беловатый, светло-жёлтый, рыжеватый, саврасый, соловый; эмиий кэрэтэ тёмный кружок вокруг грудного соска; айылҕа кэрэтэ красота природы.

КЭРЭГЭЙ экспр. неподходящий, несоответствующий; недостающий, неудачный; кэрэгэй дьылҕа несладкая участь; киһи диэхтэн кэрэгэй недостоин чтоб называться человеком; үчүгэй диэҕи кэрэгэй не то чтобы хороший.

КЭРЭЙ воздерживаться, взвешивать, колебаться; этиэхпин кэрэйэбин воздерживаюсь сказать; кэрээ перестать, останавливаться; кэрээбэт кэҕэлээх дойду фольк. край, где кукушка не перестаёт куковать.

КЭРЭЭН нравственная норма, порядочность, совесть; кэрээннээх ыччат порядочное поколение; кэрээнэ суох бесцеремонный, дурно воспитанный, не знающий укоров совести; киһи истибэтэх кэрээнэ суох быһыыта неслыханная дерзость; кэрэйии стремление не нарушать нравственных норм; кэрэйбэт, кэрээниттэн тахсыбыт потерявший совесть; кэр-дьэбэр неразборчивый.

КЭРЭМЭС 1. кэрэмэс чёрный с проседью, сиводушка (о шкуре лисы); көҕөччөр тёмно-серый (масть лошади); 2. перен. миловидный, прекрасный.



КЭРЭҺИЛЭЭ быть свидетелем; давать показания; кэрэһит (туоһу) свидетель.

КЭЭРЭТ постепенно убавлять, уменьшать; мууһу кээрэт колоть лёд с края; үлэҕин кээрэтэ тур начать понемногу работать.

КЭРЭХ 1. жертва, жертвенная шкура; 2. модальн. част. стоит только; этиэх эрэ кэрэх стоит только сказать; көрүөх эрэ кэрэх стоит только взглянуть.

КЭРЭЭХИ неодобр. скуповатый, прижимистый.

КЭС I кэс тыл заветное слово, завещание, святое слово (аман өс).

КЭС II (кэһэр) идти вброд, үрэҕи кэһэн туораа перейти речку; поступать вопреки, нарушать, ослушаться, уклоняться; сокуону кэс попирать законы; кэс ынах стельная корова (пр. пол. кытарах, баайтаһын).

КЭЭС (от кэбис) кидать; метать, оту кээс убирать сено в стога; уокка ас кээһэр задабривает хозяина очага.

КЭСКИЛ будущее, перспектива; предназначение, судьба (благоприятная), участь, грядущее; виды на будущее; кэрэ кэскиллээх с прекрасным будущим.

КЭҺИИ гостинец, небольшой подарок; кэһиилэн взять с собой гостинец.

КЭҺИЭХ 1. накипь на посуде, нагар; 2. скребок для очистки нагара.

КЭҺЭЙ получать суровый урок, быть наказанным; кэһэлтэ буоллун пусть будет уроком; кэһэкэнэ проученный.

КЭТ 1. надевать на себя (таҥын, бүрүн); кэтэ сырыт носить (одежду, обувь); одеваться, обуваться; кэтэрт одевать кого; сонун кэппит надел пальто; сонун кэтэрпит надел пальто на другого; 2. кэтилин, кэтиллэ түс наехать, натолкнуться.

КЭТИТ широкий, нэлэмэн обширный, киэҥ просторный; кэтитэ (туората) ширина; широта, ширь.

КЭТЭМЭҔЭЙДЭЭ колебаться, сомневаться, раздумывать.

КЭТЭС 1. ждать, ожидать, выжидать; кэтэһии ожидание; 2. кэтээ поджидать, подкарауливать, сторожить; следить, наблюдать, примечать; кэтэбил слежка.

КЭТЭХ затылок (кириҥи); тыл, тыловая часть, задняя сторона; кэтэх бас билии частная собственность, кэтэх санаа задняя мысль.

КЭХТИИ упадок, регресс; остановка в развитии; кэхтибэт кэскиллэн не знать в жизни трудностей; кэҕин идти вспять, отставать; отпускать (о закалённом железе).

КЭЧИГИРЭС стоять ровными рядами; кэчигирэт ставить, располагать рядком; кэчигирэһэн туран стоя ровными рядами.

КЭЧЧЭГЭЙ скупой; күтүр скряга.

КЭЭЧЭРЭ малая стерлядь (хатыыс).

Л

ЛАБАА ветвь, ветка; лоза (салаа); разг. конечности человека, лабаата бүтүн руки-ноги целы.

ЛАБАҤХА (лахсыыр) болтовня, пустословие; лабаҥхалаа, лэбэйдээ нудно повторять, надоедать; лахсый болтать, говорить вздор, молоть чепуху, нести ахинею; лабыгыраа говорить скороговоркой, тараторить.