Добавить в цитаты Настройки чтения

Страница 28 из 48



КЫТААХТАА щипать, прищемлять; тыҥырахтаа хватать когтями (о птице); кымаах щипок; кымыстаа ущипнуть.

КЫТТА послелог: с, вместе; миигин кытта со мной; кытта төрөөбүтүм родной брат; кыттыгас соучастник, сообщник.

КЫТТЫГАС (кыттыһааччы) участник, напарник, пайщик, компаньон; артель, товарищество; кыттыһыннар, кытыар приобщать, привлекать, причислять, допускать.

КЫТЫГЫРАС быстроногий, резвый, шустрый.

КЫТЫЛ берег, побережье; долина реки.

КЫТЫТ кобылица 3–4 лет.

КЫТЫАН кытыан уга, отоно можжевельник.

КЫТЫАҺЫН (кытыастар) взвиваться (об огне), разгореться, пламенеть.

КЫЧЫГЫЛАТ щекотать; кычыгылан бояться щекотки.

КЫЧЫМ вышитые боковые части чепрака.

КЫЫЧЫРҔАА скрипеть, кыычырҕас, кыычыгырас скрипучий; хаарга кыычыргыыр скрипит на снегу.

КЫА 1. трут для высекания огня; 2. кыа хаан кровь из внутренних органов, артериальная кровь (кырааска).

КЫАБАКА металлическая цепь; кыабакалаах ыстаан женские кожаные трусы с цепочкой; кыабака симэҕэ металлические подвески на трусах.

КЫАЙ (хот) мочь, осиливать; побеждать, одолевать; превозмогать, преодолевать, пересиливать, одерживать верх; бүтэр попирать, поражать; эс (эстибит) истреблять, уничтожать.

КЫАМТА (кыам) мощность; кыамтата суох так много, что нельзя управиться; кыан, кыатан преодолевать себя, сдерживать себя, воздерживаться (кыана тутун).

КЫАРАҔАС узкий, тесный; кыараҕас суол узкая дорожка; кыараҕас хос тесная комнатка.

КЫАҺААН ледяные сосульки на вспотевшем коне; набор разных украшений; ойуун кыаһаана подвески на шаманском костюме.

КЫАҺААҤКЫ вал; препятствие, орон кыаһааҥкыта валик по краю кровати.

КЫАҺЫЫ путы; кыаһыылаа спутывать.

КЫАХ возможность, способность; кыахтаах могущий, состоятельный.

КЭБИЙ грызть, потихоньку откусывать, поедать; точить.

КЭБИЛЭЭ осудит. делать негодным, безобразным; изуродовать; кэбин кэбилээ довести до крайней точки.

КЭБИН жевать, пережёвывать; чавкать; ыаһы ыстаа жевать жвачку.

КЭБИР задержка; кэлин өттүгүт кэбирэ суох буоллун фольк. пусть не будет пакостей сзади.

КЭБИРИН сожалеть, раскаиваться; досадовать, злобно роптать.

КЭБИРЭХ непрочный; хрупкий, ломкий; кэбирээ становиться непрочным, некрепким; кэбирэт делать слабым, ломким; кэбэҕэс лёгкий, нетрудный; кэбэҕэстик без труда.

КЭБИС (кээс, бырах) бросать, тамнаа кидать, тамнааттаа швырять; отказываться, отвыкать, арыгыгын кээс, бырах перестать пить; от кэбиһэр метать стог; тарбыйах кэбиспит выкидывать (о животных).

КЭБЭЛИЙ убираться прочь, бахтай проваливать, уходить совершенно.

КЭБЭХТЭЭ (кэйгэллээ) экспр. действовать безудержно, натворить много зла.

КЭҔЭ кукушка; кэҕэ кулгааҕа подснежник; кэҕий 1. говорить много и безостановочно; кэҕэ курдук кэҕийэр говорит безостановочно как кукушка; 2. кивать головой; кэҕиҥнээ кивать много раз.

КЭҔЭРТ рыгать, срыгивать (отрыжка); бөт икать; бөтүү икота.

КЭДЭЙ (кэдэҥнээ, кэдэриҥнээ) прогибаться, выгибаться; кэдэйэн биэр перен. не выдерживать, отступать; кэдэгэр выгнутый; кэдэрги назад; наперекор, наоборот; кэдэрги кэмэлдьилээх киһи упрямец.



КЭЙ 1. бодать, бодаться; кэйиик бодливый; кэйиэлээ колоть, тыкать; саай пырнуть; 2. имэ кэйбит разрумянилась; кэй бараан киэбэ фольк. красивая фигура.

КЭЙБЭЛДЬИЙ подаваться вширь; колыхаться, колебаться.

КЭЙИИ аньыы-кэйии грех; кэйээрин магический обряд.

КЭККЭ ряд, шеренга (сэргэстэһэн туруу).

КЭКЭЙ держаться прямо, напряжённо выпрямлять шею; кэтэҕэ кэкэйбит слишком прямо держит голову.

КЭЛ 1. приходить, приезжать, прибывать; являться; подходить, приближаться; наступать, приходить, наставать; 2. вспом. гл. баран кэл сходить, көтөн кэл прилететь, төннөн кэл вернуться, эргиллэн кэл возвратиться; уум кэллэ хочется спать.

КЭЛГИЙ связывать, перевязывать, стягивать; илиитин кэлгий связать руки; кэлгиллибит связанный, баайыллыбыт привязанный.

КЭЛИИ I прибытие, приход, приезд; наступление (о времени), сайын кэлиитэ наступление лета.

КЭЛИИ II деревянная ступа; кэлиилии кэбэр повторяет одно и то же.

КЭЛИМ целостный, цельный; массивный, увесистый, представляющий глыбу.

КЭЛИН 1. кэлин өттө зад, задняя часть, задняя сторона; потом, после; 2. послелог: после чего.

КЭЛТЭГЭЙ неравный; односторонний, однобокий; несчастный, кэлтэгэй аналлаах обиженный судьбой; кэлтэгэй ый щербатый месяц.

КЭЛТЭҺЭ ячмень; прыщик на языке, на глазах; тылбар кэлтэһэ таҕыста.

КЭЛЭҔЭЙ тардыас заика; косноязычный; эппэт кэлэҕэй сильно заикается.

КЭЛЭЙ извериться, разочароваться; чувствовать отвращение; возмущаться; кэлэт разочаровать, разуверить.

КЭМ I время, пора, срок (дьыл, күн); кэмнээх имеющий срок; бу кэмҥэ в это время; кэмниэ кэнэҕэс наконец-то; в далёком будущем; кэм-кэм временами; кэм да бара илик всё ещё здесь.

КЭМ II кээмэй мера, единица измерения; предел, граница; кэмнээ измерять; кэмнэн измеряться, быть измеренным; кэмэ суох безмерный; биир кэм одинаково.

КЭМСИН (кэмирин, муҥатый) каяться, раскаиваться, сожалеть; испытывать досаду; кэмсинним пожалел о содеянном.

КЭМСИИН прохладный; холодный; кэмсиин күн холодный день с ветром.

КЭМЧИ скудный; недостаточный, ограниченный; кэмчилээ экономить.

КЭМЧИЭРИЙ (килбигий, кыбыһын) стесняться, робеть, чувствовать себя неловко; дичиться; кэмчиэрийэн по стеснительности, стесняясь.

КЭМЭЛДЬИ обыкновение, привычка; повадка; куһаҕан кэмэлдьилээх с замашками.

КЭНТЭХ всегда голодный, живущий в постоянном голоде; кэнтэҕир становиться ненасытным, постоянно иметь желание есть.

КЭНЧИЭ 1. преграда, помеха; 2. возмездие, наказание.

КЭЭНЧЭ (кэтинчэ) чулок, тёплые чулки.

КЭНЧЭЭЙИ палка или доска на рогах скотины; на шее собаки; ограничивающая движение; кэнчээйилээх ограниченный; кэнчээйилэн иметь помеху.

КЭНЧЭЭРИ отава; поздние всходы трав, зерновых.

КЭНЭҔЭСКИ 1. будущий, грядущий; кэмниэ кэнэҕэс в далёком будущем, потом когда-нибудь; 2. послед (у животных).

КЭНЭН наивно простодушный; доверчивый, бесхитростный, легковерный; кэнэмсий проявлять простодушие, наивность; кэнэниттэн по наивности, по доверчивости.

КЭҤЭЭ расширяться; үлэ-хамнас кэҥиир фронт работ расширяется; успокоиться, свободно вздохнуть; уһаа-кэҥээ откладывать.

КЭҤЭРДИИ кэҥсик запах горелого; кэҥэрдии сыта кэлэр идёт горелый запах.