Добавить в цитаты Настройки чтения

Страница 25 из 48



КҮН II день; күннээҕи дневной, однодневный; насущный; күннэтэ каждый день, изо дня в день, каждодневно, ежедневно; күннүк день езды, дневной переезд, дневной путь; дневник; күннээх түүн сутки; күн-дьыл время.

КҮНДҮ дорогой, драгоценный; милый, любимый; лучший, изысканный; почетный, почитаемый, уважаемый; күндүлээ-маанылаа угощать, потчевать; оказывать гостеприимство, проявлять хлебосольство.

КҮНДЭ 1. не очень большой, ниже среднего; 2. (күндэл, күндүл, күндэлэс, күндэли) светлый, блестящий, сияющий; күндээр, күндээрий-сандаарый сверкать, блестеть; отсвечивать, переливаться.

КҮНҮҮ ревность, күнүүһүт ревнивый, күнүүлээ ревновать; харах бэһэ зависть, харах бэстээх, ордугургуу көрөр завистливый.

КҮНҮС день, днём; күнүскү дневной, происходящий днём, күнүскү ыам дневное доение.

КҮҤКҮЙ преть; гнить, тлеть; күҥкүлүй вонять, смердеть, издавать дурной запах.

КҮП усил. част. пре- күп-күөх презелёный.

КҮППҮЛҮҮ потерпеть полное поражение, разгром; күппүлүү бар вдруг обеднеть (дьадай).

КҮПСҮЙ издавать сильный монотонный шум (о моторе), сөмөлүөт көтөн күпсүйэр самолёт гудит, тыраахтар үлэлээн күпсүйэр трактор тарахтит.

КҮҮР подниматься, вздыматься; возбуждаться, куйахам күүрдэ волосы встали дыбом; үлэ өрө күүрдэ работа закипела.

КҮРБЭ массивный, крупный, күрбэ таас хайа каменная глыба.

КҮРГҮЙДЭЭ неодобр. – осуд. одёргивать окриком, накричать; күрдүргээ (хардырҕаа) кашлять натужно, с хрипом; аҕылаа запыхаться.

КҮРГҮӨМ разгар, үлэ күргүөмэ разгар работы, страда.

КҮРДЬҮК снежный вал на дворе; күрдьэр сгребает снег; күрдьэх заступ, лопата, туора күрдьэх деревянная лопата для снега, лаппаакы лопатка для зимней охоты; разг. күрдьүн (тарбан) чесаться, царапаться.

КҮРДЬҮӨТТЭЭ принимать угрожающую позу, сердито коситься; смотреть исподлобья.

КҮРДЬЭҔЭ үөн-күрдьэҕэ насекомое, червь; перен. плутовка.

КҮҮРКЭЙ (быыппаһын) возбуждаться, раздражаться.

КҮРСҮҮ (күрэс) состязание, спор, борьба; күрүс бороться, состязаться.

КҮрТҮӨННЭЭХ (күттүөннээх) серьёзный, важный, значительный; күртүөннээх (күттүөннээх) үлэ суох серьёзного дела нет.

КҮРҮЛЭЭ бурлить, клокотать; күрүлэччи кут литься с шипением (о кумысе); оһох уота күрүлэччи умайда трещит огонь в печи; күрүлгэн водопад.

КҮРҮС күрүс-күрүс (тохтуу-тохтуу, дөрүн-дөрүн) с перерывами, время от времени; күрүс-күрүс бэргиир временами становится хуже.

КҮРҮӨ 1. изгородь, ограда, огороженное место; загон для скота; 2. сенокосное угодье, надел; күрүөх-билэ дьон соседи; күрүөһүт ынах корова, проходящая через изгородь.

КҮРЭ балта младшая сестра жены, свояченица.

КҮРЭЭ уходить тайком; куот убегать; сас скрываться; хорҕой укрываться; күрэт уводить, угонять; күрүөйэх беглец, дезертир.

КҮҮРЭЭН возбуждение, пафос; күүрээннээх воодушевлённый.

КҮРЭХ I гонка, загон; күһүҥҥү күрэх осенний подлёдный лов; куобаҕы күрэтии охота на зайцев; куобаҕы күрэт загнать зайца.

КҮРЭХ II состязание, соревнование; азарт, задор; ытыыга күрэхтэһии соревнование по стрельбе; ытыыга күрэхтэс соревноваться по стрельбе.

КҮҮС сила, мощь, энергия; могущество; илии күүһэ физическая сила, өй күүһэ сила ума; сэниэ, эрчим крепость; күүстээх сильный, мощный, энергичный, крепкий (модьу, кытаанах, эрчимнээх, уохтаах); могучий, могущественный; действенный, деятельный; күүһүрдүү усиление, укрепление; күүһүр усиливаться, укрепляться; күүһүрт усиливать, укреплять; күүһүргээ показывать, выказывать свою силу; күүһүнэн силой, насильно; күүһүлээ насиловать.

КҮСКЭЙ полнеть, толстеть, уойан күскэй располнеть.

КҮҺҮН осень, осенью; күһүҥҥү осенний; күһүөрү к осени, под осень.

КҮҺЭҤЭ круглая, блестящая пластинка, кружки на костюме шамана.



КҮҮТҮҮ ожидание, чаяние; күүт ждать, ожидать, чаять; подпускать (на охоте); күүттэр заставлять ждать; күүтүүлээх долгожданный, кэтэс подождать, повременить; кэтэһиллибит ожидаемый.

КҮТҮР I огромный, күтүр улахан громадный; страшный, грозный; күтүр өстөөх окаянный; улуу күтүр чудовище, күтүр дьаалы страшилище; дьявол, чёрт.

КҮТҮР II пренебр. скупой, скряга; скаредный.

КҮТҮР III матка у коровы; күтүрэ тахсыбыт выпадение матки (при отёле).

КҮТҮРЭЭ приписывать дурной поступок, оговаривать; уорбалаа подозревать; хобулаа клеветать.

КҮТҮӨ зять; күтүөт жених.

КҮТЭР крыса водяная; крот; суслик.

КҮЧҮГҮРЭТ с хрустом грызть.

КҮЧҮМЭҔЭЙ туговатый, трудный; иҥнигэстээх, моһуоктаах тягостный, обременительный.

КҮӨБҮЛ стружки, опилки; мас сыыһа мелкие огрызки; эмэх труха.

КҮӨГҮ уда, удочка; крючок на уде; мэҥиэ наживка, приманка.

КҮӨГЭЙ (күөгэлдьий, куоҕалдьый) тихо и плавно двигаться, кокетливо наклоняться в сторону, выказывать величавость в осанке; качаться, дрожать, колебаться, шевелиться (о листьях); күөкэй (күөкэлдьий, күөкэҥнэт) грациозно вытягивать длинную шею.

КҮӨДЭЛЛЭЭ неодобр. разбрасывать в беспорядке; захламлять.

КҮӨДЬҮЙ загораться, разгораться; усиливаться; сирэлий вспыхивать; күөдьүт разжигать, раздувать.

КҮӨЙ заграждать, преграждать; выходить навстречу; кый обходить кругом; күөй-хаай удерживать, препятствовать, не позволять.

КҮӨЛ озеро; көлүйэ (көлүкэ, көлүччэ) маленькое озеро.

КҮӨЛЭҺИЙ валяться; тиэй переворачиваться, перекатываться.

КҮӨМЭЙ хабарҕа горло, гортань, глотка.

КҮӨМЧҮЛЭЭ экспр. кыһарый, ык притеснять; атаҕастаа, баттаа обижать.

КҮӨН грудь, верхняя часть груди (түөс); күөн көрсүү поединок; күөнтээ заграждать грудью; мешать, препятствовать; перен. властвовать.

КҮӨНЭХ гольян, мелкая озёрная рыбка.

КҮӨРЭ-лаҥкы беспорядочно.

КҮӨРЭГЭЙ парящий; жаворонок; күөрэй подниматься вверх, парить; всплывать өрө күөрэй, күөрэс гын.

КҮӨРТ I (күөт) жёлтый с чёрным оттенком; желтовато-серый; күөрт ыт пегий пёс.

КҮӨРТ II кузнечный мех; күөртээ дуть, раздувать мехами; перен. распространять слухи, разжигать.

КҮӨРЧЭХ сбитые жидкие сливки; ытык мутовка для сбивания сливок.

КҮӨС горшок для варки пищи; пища, обед в горшке.

КҮӨХ чаалай күөх голубой, голубизна; синий, синева, синь; чээл күөх, чээлэй күөх зелёный, зелень.

КЫЫБАҔА неодобр. порок; кыыбаҕалан показывать дурные привычки; дьаллык хроническая болезнь, причуда.