Добавить в цитаты Настройки чтения

Страница 24 из 48



КУРУС испытывающий чувство огорчения, смущения; курутуй (кутуруй) огорчаться, горевать.

КУС утка (птица); кус-хаас пернатые; кус быһый резвый, кус сүрэх трус; кус-хаас саҥата непонятная речь; кустаа охотиться на уток, промышлять.

КУУС I гын свист кнута; кууһуннар ударить с силой; кууһурҕаа (многократно); кускуй, кууһурҕат (кускуурдаа) стегать прутом.

КУУС II обнимать, обхватывать; кууһан обняв; куустус обниматься; куустуһан в обнимку.

КУСТУК 1. стрела с наконечником (муос оноҕос, ох); 2. радуга на небе.

КУҺАҔАН плохой, дурной; куһаҕаннык плохо, дурно.

КУҺААК (куһаат) кур широкий, длинный шёлковый пояс.

КУҺУОК (кырбас, лоскуй) кусок.

КУТ I душа живых существ; душа, сущность вещи; дух; жизнь (тыын, сүр).

КУТ II лить, наливать, тоҕон кэбис проливать (о жидкости); сыпать, высыпать (о сыпучих предметах).

КУУТ плавательный пузырь (у стерляди), силим клей.

КУТА трясина, плавучий торфяник; кута сиэлэ трава; куталдьый колебаться, кутаҥнас зыбкий, колеблющийся.

КУТАА горящая куча хвороста, костёр; кутаа уот огонь, төлөн пламя, кутаата отун развести костёр.

КУТТАЛ 1. боязнь, страх, испуг; 2. опасность, угроза; куттаҕас пугливый, боязливый; куттамсах трусливый, хоргус робкий; куттаа пугать, стращать, грозить, угрожать; кутталлаах опасный, страшный.

КУТААР кожная сыпь.

КУТУЙАХ (күүдээх) мышь (мыычаар); кутуйахсыт мелкая птица.

КУТУКА котоку, кутуку дитятко, миленький, голубчик.

КУТУР петь, напевать по-шамански, голосить истерически.

КУТУРГУЙА чирей, фурункул; саанык нарыв.

КУТУРҔАН печаль, скорбь, траур.

КУТУРУК хвост; корма лодки; кутурукка ис идти сзади; балык кутуруга хвостовой плавник; кулун кутуруга трава; кутурук маһа ходит по пятам.

КУЧУЙ увлекать, завлекать, заманивать, зазывать, добиваться согласия.

КУУЧЧА совершенно, совсем, всё, дочиста.

КУЧЧУГУЙ (аччыгый) малый, маленький; куччугуй уолум младший сын.

КУО красивый с оттенком игривости; красавица; неженка.

КУОБАХ 1. белый заяц, беляк, ушкан; 2. вид якутских прыжков.

КУОҔАЙ (куохай, куоҕалдьый, куоҕаҥнаа) 1. иметь длинную шею; 2. плавно сгибаться, наклоняться, медленно покачивать головой.

КУОҔАС гагара; аҥыр, уу оҕуһа выпь.

КУОДАРЫС неодобр. ходить вместе, водить компанию с сомнительной целью; ухаживать.

КУОДАҺЫН уҥуох куодаһына изъян в кости; куодаһыннаах порочный.

КУОЙ испугаться; куттан-куой устрашаться, бояться.

КУОЛАА нападать вместе; куолаан действовать сообща; куомун неодобр. соучастие, сговор; заговор; куомуннаһан сговорившись.

КУОЛАҔАЙ узкий длинный проход.

КУОЛАЙ пищевод (бэлэс, хабарҕа, көҥкөлөй); горлышко (о бутылке).

КУОЛАС бурдук куолаһа хлебный колос; киһи саҥата голос человека.

КУОЛУ I обыкновение, обычай (быһыы, майгы); принято, следует, надлежит; куолутугар эрэ ради порядка, для приличия; куолутунан как всегда.

КУОЛУ II рассуждение, толкование; назидание, наставление; куолуһут законник; знаток права и обычаев; любитель поучать, наставлять; куолулаа умничать, рассуждать как знаток ч. – л.



КУОМУННАС неодобр. – осуд. состоять в заговоре, быть в сговоре, участвовать в неблаговидном деле.

КУОР 1. корь, детская болезнь; 2. трупный запах; кир нечисть.

КУОРАЙ куорай ытыс, куорай тыл вороватый.

КУОРҔАЙ рыть; расхищать, растаскивать; куорҕаллаа подрывать, расхищать, разворовывать.

КУОРСУН маховое перо птицы; гусиная кожа (у человека).

КУОРТАМ аренда помещения, арендная плата; куортамнаа сдать в аренду.

КУОРЧАХ долблёный гроб; тэбиэх сруб для гроба.

КУОҺАР превышать, превосходить; былааны куоһар перевыполнять план.

КУОҺААХ 1. жёлоб, выемка, паз; 2. долина, ложбина; куоһаа делать желобки, выемку, паз; подкапывать снизу.

КУОТ куотан хаал убегать, сбегать, уходить; куотан бастаа выходить вперёд, опережать, обгонять, перегонять; куота сырыт избегать, уклоняться, не попадаться в руки, босхолон освобождаться, избавляться; уҥуоҕунан миигин куотта стал выше меня ростом; оҕо куоппут случился выкидыш.

КУОЧАЙ палка (стрела) на жертвенном дереве.

КҮБЭЙ хотун важная, достопочтенная, милостивая; дородная.

КҮҮГЭН пена; күүгэннээх пенистый, с пеною; күүгэннэн пениться, быть в мыле (о лошади); айаҕыттан күүгэн аллар говорить с пеной у рта.

КҮҮГЭЭН гомон, гвалт, шум; күүгээн бөҕө буолла поднялся гвалт; күүгээннээх шумный; күүгүнээ шуметь; күүгүнээмэ не шуметь.

КҮҮГЭС овод, слепень (бүгүлэх, бырдах, күлүмэн, тигээччи).

КҮҮДЭПЧИЛЭН воспламеняться, загораться, вспыхивать; горячиться.

КҮДЭРИК (күдэн) лёгкий туман; марево, дымовая завеса, белая мгла (буруо, чаан); күдэҥҥэ көттө исчез без следа.

КҮДЭЭРИНЭ поверхностно, не понимая, не вникая.

КҮДЭХ сила, мочь; күүс-күдэх возможность.

КҮДЬҮС сплошь, сплошной, ровный, одинаковый.

КҮККҮРЭЭ издавать громкий глухой шум; громко плакать, реветь ытаан күккүрээ; күккүрэччи ытаа громко зареветь, плакать навзрыд.

КҮКҮР ясли для скота (долборук, сургуй).

КҮЛ I зола, пепел; күл-көмөр буол сгореть дотла.

КҮЛ II смеяться, хохотать; күлүү смех, хохот; насмешка, глумление; күлүүк смешливый, насмешник; күллэр смешить, заставлять смеяться; күллэрэстээ хохотать некстати; күлүү-элэк гын насмехаться.

КҮЛБҮҺЭХ мочалка из конского волоса для мытья берестяной, деревянной, медной посуды; күлбүһэхтээ перен. измочаливать, обращаться небрежно.

КҮЛГЭРИ тыймыыт ящерица.

КҮЛЛҮРГЭС тыас хлюпанье (при ходьбе по воде).

КҮЛТҮГҮР 1. коротко остриженный, бритый; 2. безрогий (комолый).

КҮЛҮБҮРЭЭ бурно гореть, пылать, пламенеть; говорить громко и быстро.

КҮЛҮК тень, отражение; күлүгүр покрываться тенью; күлүгүлдьүй мелькать тенью; күлүгүрт затенять, навести тень; очернять; күлүктээх заметный; күлүгэ суох киһи мошенник, плут; уутааҕы күлүгэ похожий лицом.

КҮЛҮМ блеск, отблеск, сияние, сверкание; күлүмүрдээ, күлүм гын сиять, светиться, блестеть, блистать, сверкать, переливаться.

КҮЛҮМЭХ экспр. буйный; беспорядочный, неорганизованный.

КҮЛҮҮС замок; күлүүс тыла ключ.

КҮҮЛЭ сени, крытый ход в якутском доме.

КҮҮЛЭЙ гулянье; безделье; коллективный выход в сенокосную страду.

КҮН I солнце; күннээх солнечный; с солнцем, с украшением в виде серебряных кружков; күн сирэ родная земля; күннээ испытывать везение, быть удачливым; поэт. күҥҥэ көрбүтүм мой единственный (о ребёнке).