Страница 19 из 48
ИҤ I 1. скула; иҥин хаана кэйбит румянец на щеках; 2. иҥ-дьаҥ (адьынат) порок, иҥэ-дьаҥа суох прямой, честный; иҥэн-батан сырыт уживаться.
ИҤ II (иҥэр) всасываться, впитываться, проникать (о жидкости), проходить сквозь; иҥэмтэлээх питательный, усвояемый; полезный, выгодный.
ИҤИН задевать, застревать, задерживаться, запинаться; бүдүрүй спотыкаться; дьыалаҕа иҥин, тылга иҥин попадаться, запутаться; иҥнигэс препятствие, затруднение, задержка, помеха.
ИҤИИР сухожилие; иҥиир тараһа жилистая брюшина; иҥиирдээх жилистый, мускулистый; выносливый; иҥиирэ тардар судороги.
ИҤИЭТИН делать медленные движения корпусом в знак недовольства, несогласия.
ИҤНЭРИ наклонно, набок; покатый, пологий; иҥнэстигэс наклонный.
ИҤСЭЛЭЭХ жадный, алчный; корыстный; иҥсэр проявлять жадность.
ИҤЭРСИЙ ржать тихо (проявление нежности или желания есть).
ИҤЭЭҺИН сгиб, складка, оборка.
ИҤЭҺЭ стремя, стремена.
ИР таять, оттаивать; греться, согреваться; ириэр греть, согревать; ириэрбит стало таять; ириэрии оттаивание, оттепель; ириэнэх талый, растаявший; разг. говорящий по-якутски (ср. тоҥ); ир суол тёплый, свежий след; ирбэт тоҥ вечная мерзлота; ирэ-хоро кэпсэт разговориться.
ИИР I скисать, свёртываться (о молоке); иирбит үүт кислое молоко.
ИИР II сходить с ума; терять голову; иирээки сумасшедший, безумный; ииримтий взбеситься, помешаться; иирбит помешанный, бешеный; дьахтарга иирбит увлёкся женщиной; хараҕым иирэр в глазах рябит; иирэ-кутура сылдьар вышел из колеи; иирт соблазнять, завлекать, кружить голову, сводить с ума; сбивать с толку.
ИИРБЭ-таарба үлэ мелкая, незначительная работа.
ИРДЭЭ выслеживать, вынюхивать, разыскивать, проводить расследование; требовать, спрашивать; ир суолун ирдээ идти по тёплому (свежему) следу.
ИРИМ-дьирим рябь в глазах.
ИРИННЬЭХ болезненный, слабый, тщедушный; иринньэҕир болеть.
ИРИҤЭ гной (кутургуйа аһа); ириҥэр гноиться; перен. ириҥэ эттээх; ириҥэ мэйиилээх фольк. живой человек.
ИРИС (иссэр) спариваться, случаться (о животных, птицах).
ИИРСЭЭН раздор, ссора; иирис ссориться.
ИИРТ взбивать масло, пахтать.
ИИРЧИК-баарчык перепутанный, замысловатый, сложный.
ИИРЭ тальник, белотал; тэтиҥ иирэ осина.
ИС 1. живот, брюхо; утроба, чрево; внутренности, потроха; нутро, внутренняя часть; сон иһэ подкладка; 2. вспом. гл. продолж. действие, баран ис идти, саҥаран ис говорить, ыллаан ис петь; 3. послелог: в, внутри; дьиэ иһигэр в доме.
ИС II чэйдэ ис пить чай, арыгыта ис выпивать; принимать жидкую пищу, мииннэ ис есть суп.
ИС III пухнуть, опухать; сирэйим иһэн хаалла лицо опухло; дыгдаччы испит распух.
ИИС шитьё; рукоделие; ииһи сатыыр умеет шить; иистэнньэҥ швея, портниха; иистэнэр сир швейный цех.
ИСКЭН опухоль, нарыв; искэннээх опухший; искэннэн иметь опухоль, нарыв; искэн тахсыбыт, искэннэммит появилась опухоль.
ИСКЭХ I (истэх) рыбья икра; искэхтэн набирать икру; искэхтээх рыба с икрой; балык ыыр рыба мечет икру, нерестится; время нереста.
ИСКЭХ II щипчики для извлечения занозы; пинцет.
ИСКЭЭХ подпорка для нижней жерди изгороди.
ИИСПЭРЭЙ экспр. сложный, трудоёмкий.
ИСТИГЭН послушный; чуткий на слух; осведомленный о новостях; истибиччэ сразу как услыхал.
ИСТИҤ иһирэх искренний, задушевный; сердечный, сокровенный; интимный; истиҥ-иһирэх тылбын истиҥ слушайте мои задушевные слова.
ИСТЭЭХ I вместительный; ёмкий; истээх чааскы большая чашка.
ИСТЭЭХ II с животом (беременная); непотрошённый, с потрохами.
ИСТЭЭХ III на тёплой подкладке, истээх сон пальто на меху.
ИҺИЙ притихать, притаиться; утихать, выжидая; погружаться в зимнюю спячку.
ИҺИЛ-таһыл неопределённый, переменчивый.
ИҺИН послелог: за, для, ради, по причине, из-за, вследствие, потому что, в виду того что, хотя.
ИҺИИР свистеть, шипеть; буулдьа иһиирэр пули свистят.
ИҺИРИК густой (лес), мелкая лесная чаща, густая молодая поросль.
ИҺИРЭХ (истиҥ) задушевный, искренний, сердечный.
ИҺИТ I посуда, сосуд, вместилище; иһит-хомуос хозяйственная утварь.
ИҺИТ II (истэр) слышать; слушать, внимать; слушаться, повиноваться, поддаваться; понимать; сахалыы истэҕин дуо понимаешь ли по-якутски; өйдөөн иһит разуметь, понимать; иһиллээ слушать, прислушиваться; иһиллэр слышно, слышится.
ИҺЭГЭЙДЭЭХ щедрый, дарующий; пышный, благотворный.
ИҺЭЛИЙ слегка обморозить; иһэлийбит прихватил мороз (о щеке).
ИҺЭХ грязь на подошве обуви; ком прилипшей грязи.
ИИТ I 1. воспитывать, растить; ииппит уола приёмный сын; иитээччи воспитатель, наставник, ментор; 2. разводить, размножать живность; куурусса иитэр держит кур; иитимньи иждивенец; источник существования, пропитание.
ИИТ II заряжать (огнестрельное оружие); туһах иитэр, чааркаан уурар, айа тардар настораживает пасть на зверей.
ИТИ указ. мест. этот, это, эта; ити баар так и есть, ити аата значит, ити буоллаҕына раз так, ити сылдьан между тем, итинник, итигирдик [ити+курдук] вот так, ити гынан таким образом, ити гынан баран однако.
ИТИИ жаркий; тёплый, горячий; жара, жар, духота; куйаас зной; сыралҕан солнцепёк; итииргээ испытывать жару; итиитэ киллэр попить чаю; итиини аһаа поесть горячего.
ИТИР I сыа брюшной жир; тонкая плёнка жира; итир былыт перистые облака.
ИТИР II напиваться, пьянеть; итирик пьяный; итириксит, иһээччи выпивающий, пьяница; алкоголик; разг. выпивоха.
ИТИЧЧЭ столько, как вон это; итиҥэй такая малость, такой пустяк.
ИТТЭНЭ иттэннэри лицом вверх, навзничь.
ИТЭҔЭЛ I итэҕэйии доверие, верность; уверенность, убеждённость; итэҕэллээх верный, уверенный, убеждённый; доверчивый, доверяющий; доверенное лицо; итэҕэй верить, доверять, полагаться; итэҕэт уверять, убеждать.
ИТЭҔЭЛ II таҥара итэҕэлэ верование, вера; вероисповедание, религия; итэҕэллээх верующий, крещёный; итэҕэй веровать, исповедывать.
ИТЭҔЭС недостаток, изъян; недостача, нехватка, недовесок, недоделка; недоносок, выкидыш; итэҕэс ыл взять мало, итэҕэс атыылас купить не всё, недостаточно; итэҕэстээ растрачивать, уменьшать, убавлять; итэҕэстэн делать недостачу, растрату.
ИЧИГЭС (сылаас) тепло, тёплый; ичигэс буол потеплеть; ичигэстик тепло; ичигэскэ в тепле.