Страница 13 из 48
БЫЫҺАА II босхолоо освобождать; быыһаан ыл выручать; өрүһүй спасать; ыраастаа оправдывать, избавлять; быыһааччы освободитель; быыһан освободиться; эвфем. дьахтар быыһаммыт женщина родила.
БЫҺАҔАС неполный, недостаточный; быһаҕалас осудит. выпрашивать, вымаливать.
БЫҺААР толковать, разъяснять, объяснять; определять; обсуждать; решать.
БЫҺААС [бу+саас] этой весной, минувшей весной.
БЫЫҺАС толстая кишка; быыһас хаана жирная кровяная колбаса.
БЫҺАХ нож (кырыылаах); быһыйа, быһычча ножик; быһахтан хвататься за нож, угрожать ножом.
БЫҺЫЫ 1. фасон; таҥас быһыыта покрой одежды; 2. быһыыта-таһаата наружность, облик, вид; быһыыта-майгыта манера, характер, образ жизни; 3. поступок, поведение; куһаҕан быһыы проступок; 4. бурдук быһыыта жатва; 5. быһыы прививка; 6. модальн. сл. быһыылаах видимо, кажется, ыалдьар быһыылаах видать, плохо себя чувствует.
БЫҺЫЙ быстроногий; резвый.
БЫҺЫЙА быһычча ножик, небольшой нож.
БЫҺЫЛААН инцидент; алдьархай беда; иэдээн несчастье; араллаан приключение.
БЫҺЫМАХ экспр. спешка, поспешность, торопливость, нехватка времени.
БЫТ вошь; сир быта (киһи) умный, осторожный человек.
БЫТААН медленный, медлительный; бытаар допустить отставание.
БЫТАРХАЙ мелкий; кроха, крошка, крупинка; бытархай харчы мелкие деньги.
БЫТААҺАХ бран. баба, молодуха; бабёнка.
БЫТЫГЫРАА всходить; бурдук бытыгыраабыт появились всходы.
БЫТЫК сэҥийэ бытыга борода; уос бытыга усы; сулардыы бытык баки.
БЫТЫРЫЫС бахрома, кисти; бытырыыстаа пришивать бахрому.
БЫЧЧАҔАР экспр. большеглазый, с выпученными глазами; груб. пучеглазый оболтус, шалопай, сорванец.
БЫЧЧАРХАЙ железа; быччархайдьыт туберкулёз желез.
БЫЧЧЫҤ мускул, мышца.
БЫЧЫГЫРАА экспр. щебетать, чирикать; быстро говорить.
БЫЧЫК немного, немножко, понемногу; бычык тарт капнуть малость.
БЫА верёвка; синньигэс быа тесёмка; ситии тонкая волосяная верёвочка; ситим шнур; кур кожаный ремень; тирбэҕэ ремешок; бэчимэ бечева невода; өтүү длинная волосяная верёвка; сүрэх быата аорта.
БЫАР печень, печёнка; выступающая часть предмета; томтор быара пригорок; быаргын тарбаа долго смеяться; быара быһынна устал смеяться.
БЭБЭЭР сильно кричать, реветь (о ребёнке).
БЭЭГЭЙ презр. недоросток, коротышка.
БЭГЭЧЧЭК запястье, кисть руки, сустав ручной кисти.
БЭҔЭҺЭЭ [бу+киэһэ] вчера; бэҕэһээҥҥи то, что было накануне.
БЭДИК шалун, шалунишка; осудит., ирон. глупец, дурачок, повеса.
БЭДЭР (үүс) рысь.
БЭЙ бай межд. удивление; бэй, көр эрэ смотри-ка, что это.
БЭЙБЭҔЭР маленького роста; бээгэй карлик; бэдьэй, бэйбэрий семенить; Бэйбэрикээн эмээхсин маленькая старушка с короткими ножками.
БЭЙДИЭ везде, повсюду; бэйдиэ кэтэр таҥас повседневная одежда.
БЭЙЭ бэйи, бэйикэй немного погодя, потом; ужо; погоди, постой; бэйи эрэ постой-ка; бэйикэйбин ужо, отомщу.
БЭЙЭ 1. тело, туловище, туша; таҥастыын бэйэлиин весь сам с одеждой; 2. существо, личность, особа; бэйэ тыына бэйэҕэ күндү каждому своя жизнь дорога; биир бэйэм икки буоллум сам один стал двумя; турар бэйэм сам какой есть; свойство, особенность, отличительное качество; күөх унаар бэйэлээх хонуу; бэйэм кэллим один, без провожатых; бэйэ киэнэ свой, бэйэм атым свой конь; тус бэйэтэ сам собственно; бэйэҥ бэйэҕинэн лично сам; бэйэкэ (уменьш. от бэйэ) бедненький; хайдах буолар бэйэкэбиний как же мне, бедненькому, быть; бэйэмсэх эгоист.
БЭКИР тощий, поджарый; бэкэччи тутун поджимать живот.
БЭЛ даже, и даже, но даже.
БЭЛИЭ знак, метка; отметка, различие; признак, примета; знамение, предзнаменование; заметный, приметный; отмеченный, замечательный; ааттаах, сурахтаах знаменитый.
БЭЛИЭР так скоро, так рано.
БЭЛЛЭЙ расплываться; бэллэччи сытый отсыреть (про обувь).
БЭЛЭМ готовый; бэлэм сылтах пользуясь моментом.
БЭЛЭННЬИК обшлаг, манжета.
БЭЛЭС гортань, глотка, зев (куолай, күөмэй); мягкое нёбо; бэлэстэт кричать во всю глотку, драть глотку.
БЭЛЭХ 1. подарок, дар; кэһии гостинец; ньымаат мзда; бэрик взятка; 2. кэрэх жертва духам.
БЭРБЭЭКЭЙ уҥуоҕа бабка (сыаҕай); лодыжка, щиколотка.
БЭРГЭ киста, эт бэргэ мясной нарост; сыа бэргэ жировой нарост; бэрдий терять упругость.
БЭРГЭН I 1. меткий, ловкий; хороший стрелок; молодец, удалец; 2. часть собственного имени Хаардьыт Бэргэн.
БЭРГЭН II жена старшего брата мужа (деверя); бадьа жена младшего деверя.
БЭРГЭҺЭ шапка; мэнньиэс венец; бэргэһэлэн венчаться.
БЭРГЭЭ усиливаться, прогрессировать (о болезни).
БЭРДИМСИЙ возгордиться; улаатымсый возомнить; киэбир кичиться.
БЭРДИРГЭС хрящевой; третий желудок у жвачных.
БЭРДЬИГЭС сосёнка; молодой сосняк; бэрдьигэс от хвощ (трава).
БЭРИ усил. част. бэри бэркиһээ чрезвычайно удивиться.
БЭРИЙ I разматывать, распутывать, перебирать верёвку, сети; приводить в порядок, прибирать.
БЭРИЙ II (бэкий) быть высокого роста и сутуловатым.
БЭРИН сдаваться в плен; бас бэрин подчиняться, повиноваться, покоряться; уступать, принимать условия.
БЭРИҤ (сирин) коровье вымя (в говядине); грудная железа (у женщины).
БЭРКИҺЭЭ (сөх) удивляться; салын, дьулай ужасаться.
БЭРТ I отличный, превосходный, наилучший, необыкновенный; бэркэ весьма, очень, чрезмерно; бэркэ эттэ сказал весьма хорошо; бэркэ таптыыр сильно любит.
БЭРТ II усил. част. элбэҕэ бэрт слишком много; куһаҕана бэрт очень плохой; ирон. кэлэн бэрт так и пришёл; этэн бэрт так тебе и скажет.
БЭРЭ прилегающее к озеру меньшее озеро.
БЭРЭМЭДЭЙ перемётная сума.
БЭС мас сосна, бэрдьигэс молодая сосна, сосёнка; бэс ойуур сосновый бор; бэс үөрэ сосновая заболонь; харах бэстээх зависть.
БЭС ыйа июнь; бэс ыйыгар в июне; бэс ыйыттан с июня.
БЭҺИР осудит. сильно привязываться; стараться угодить, льстить; туохха бачча бэһирдиҥ к чему это так привязался.
БЭҺИЭЙЭХ 1. только пять, всего пятеро; 2. мутовка для кумыса (хамнатар).
БЭҺЭЛ запоздавший в росте; недоросток.
БЭТ (аба) ядовитое слово; бу бэлэһин бэтин язвительные слова.
БЭТИН (бэттэр) надтреснуть; надламываться под тяжестью; дьиэ өһүөтэ бэттибит матица надломилась; бэттибит баҕаналаах с надтреснутой подпоркой.