Страница 9 из 48
БААТЫР 1. доблестный, мужественный, смелый, сильный, ловкий; силач, боец; витязь; 2. приставка к собственному имени Айдаан-баатыр.
БАТЫС I идти; сайыс хотеть ехать за другим; сонордоо преследовать, гоняться; тутус следовать примеру, обычаю; батыһааччы последователь; держаться; өрүһү батыһа бар идти вдоль реки; батыһа сырыт ходить по пятам.
БАТЫС II ладить, уживаться; уолунуун батыспатылар не поладили с сыном.
БАХСЫ хозяйка, дьиэ бахсыта (хотун) часть сложного имени.
БАХТАЙ бран. провалиться, запропаститься, гибнуть; кэбэлий убираться.
БАЧАХ межд. испуг; что это такое!
БАЧАХАЙ-ичэхэй неразборчиво; бачахай неправильные узоры, пачкотня; бачаачай неразборчивое письмо, некачественная работа; хозяйничать по-своему.
БАЧЧА столько, как это; столь, столько; бачча элбэх вот столько много, бачча күүскэ так сильно, бачча тухары до сих пор.
БААЧЧАЙ запутывать быаны бааччайан кэбис.
БААЧЧЫ част. быһа-бааччы непременно; быр-бааччы сытно; илэ-бааччы въявь; тута-бааччы тотчас; чахчы-бааччы воистину.
БАЧЧЫР оҕо ребёнок 6–7 месяцев, умеющий крепко хватать.
БААЧЫ бааччы меховая опояска; бандаж (грыжевой); безрукавка.
БАЧЫГЫРАС I густо расположенный; бачыгырас дьиэ, бачыгырас ойуу.
БАЧЫГЫРАС II тыас треск сухих дров в печи.
БАЧЫМАХ беспорядочная куча; халлааҥҥа бачымах сулустар кучи звёзд на небе.
БИИ I старший по годам (о мужчине); ини-бии, убай-быраат кровные братья.
БИИ II остриё, острая сторона, быһах биитэ лезвие; биилээ точить, заострять; биилээх холодное оружие.
БИГЭ крепкий, прочный; бигэргэт подтверждать, принимать, утверждать, заверять; уураах бигэргэтилиннэ постановление принято; бигэтик твёрдо, уверенно.
БИГЭЭ (чинчилээ) ощупывать, осязать; оҕону бигээ укачивать дитя.
БИДИЛГЭХТЭЭ (бадарааннаа) грузно ступать по болоту (о лошади).
БИЛ I рыба, тойон балык таймень.
БИЛ II знать, узнавать, познавать; чувствовать, слышать (запах), понимать; распознавать, различать; разведывать, прослеживать; билэ-көрө сырыт осведомляться; бэйэҥ бил решать; билис (билсис) знакомиться; билсии знакомство.
БИИЛ синньигэс биил поясница; курданара талия; таһаа стать.
БИЛГЭЛЭЭ (чинчилээ) узнавать по приметам, примечать, замечать, предугадывать, предчувствовать, предсказывать судьбу.
БИЛИ 1. указ. мест. тот, да вот тот; били киһи тот, наш человек; били кэннэ после того; разг. били уоллара кэллэ появился тот мальчик (о котором говорили); 2. модальн. сл. били урут вот тогда; били эдэр эрдэххэ вот когда был молод.
БИЛИИ I знание, познание; чувство, предчувствие, инстинкт; билиилээх знающий, эрудированный, хорошо подготовленный.
БИЛИИ II перешеек; суол билиитэ распутье (суол төрдө).
БИЛИГИН ныне, теперь, сейчас; билиҥҥи нынешний; билиҥҥэ диэри до сих пор; билиҥҥитэ пока.
БИЛИН 1. знать, сознавать себя; кэпсээ признаваться, сознаваться; кистэлэҥҥин арый раскрываться; кэмсин каяться, виниться, исповедываться. 2. биллэр давать о себе знать, становиться популярным, известным; биллиилээх, эстрада биллиилээх ырыаһыта популярный артист эстрады.
БИЛИР зуб мудрости.
БИЛЛИГИРЭЭ булькать (о кипящей воде); биться (о сердце); биллиргэт хлопать по мягкому.
БИЛЛЭХ I свояк, муж сестры жены, муж невестки.
БИЛЛЭХ II повисать срединою; биллэҕэ бырах бросать наперевес; биллэҕэ түс повисать срединою на перекладину.
БИЛЭ 1. оторочка на обуви; 2. аймах-билэ родня, сородичи.
БИИР один; единый, одинаковый; биирис (маҥнайгы, бастакы) первый, биирдии по одному; биирдэ один раз, однажды; биирдээх один год от роду; сааһа биирэ ему один год; сааһым биирим мне один год; биирэ один из двух; биирдэрэ один из них; биир кэм одинаково.
БИРДИРГЭЭ трещать в зубах; бирдиргэс твёрдый, жёсткий (кытаанах).
БИРИИНЧИК придирчивый, мелочный; бириинчиктээ придираться, приставать по мелочам; капризничать.
БИС мазать; аҕыныахтаа намазывать; киртит пачкать, марать; биһилин пачкаться.
БИИС (уус) род; семейство; биис ууһа племя, род; кус бииһин ууһа порода уток.
БИҺИК (уйа) колыбель, люлька, зыбка.
БИҺИККИ [бу+икки] мы оба, эн биһикки ты и я; кини биһикки он и я.
БИҺИЛЭХ кольцо; көмүс биһилэх, сирэйдээх биһилэх, таастаах биһилэх перстень.
БИҺИРЭЭ одобрять, признавать; биһирэм экспр. особый, предпочтительный.
БИТ примета; предзнаменование, предчувствие; знак, признак; биттэн верить приметам.
БИТИЙ 1. үҥкүүлээ семенить, топтаться на одном месте; битииһит исполняющий танцевальные движения битии; үҥкүүлээн битийэр; 2. трепетать в воздухе (о птицах), салгыҥҥа битийэр бьётся в воздухе (о жаворонке); битиргэт хлопать по мягкому предмету; биччигинээ вздрагивать, встряхиваться.
БИТТЭХ поперечина, скрепа (у лавки, табуретки, лодки).
БИЧИК роспись, узор (ойуу, оһуор); сурук-бичик письменность.
БИЭ кобыла; биэ эмиийэ малина.
БИЭБЭЙ биэбэкэй, биэбэкэ голубчик, голубушка; биэбэйдээ баюкать; бүөбэйдээ ухаживать за ребёнком.
БИЭКЭГЭР тонкий в талии; биэкэгэр бииллээх с тонкой поясницей; биэкэй, биэкэлдьий выступать грациозно, подтягиваясь.
БИЭР 1. давать, отдавать, выдавать, передавать; предоставлять; боппуруоста биэр задавать вопросы; бэлэхтэ биэр подарить; эргэ биэр выдавать замуж; 2. вспом. гл. туран биэр уступать; түһэн биэр опозорить; бэрис делиться, уделять; угощать; биэрии дар; дарование; үөһэттэн биэриилээх, бэриллибит дано (свыше); бэринньэҥ щедрый, добрый; доброхот; бэрик взятка, бэригимсэх взяточник.
БИЭС пять, бэһис пятый; биэстии по пять; бэһиэ пятеро; бэһиэйэх всего пятеро; биэстэ пять раз; биэстээх пятилетний; биэһим мне пять лет; биэстээх харчы пятак.
БИЭТЭҤНЭЭ мерно качаться; мас лабаата тыалга биэтэҥниир ветки на ветру качаются; биэтэҥнэт качать.
БОБУУ см. боп запрет, запрещение; бобуулаах запрещённый.
БОГДО бран. низкорослый, но бойкий; плюгавый.
БОҔУЙ кланяться; просить милости, обивать пороги; боҕулдьуй, бокук гын делать танцевальные движения.