Добавить в цитаты Настройки чтения

Страница 7 из 48



БАҔА III модальн. сл. может, может быть, возможно, допустим, предположим; баҕар, кэлиэ может быть, придёт.

БАҔАДЬЫ (муҥха, илим) невод, сеть.

БАҔАЙЫ I бран. дурак, негодяй, урод, бездельник.

БАҔАЙЫ II усил. част. куһаҕан баҕайы безобразный; абааһы баҕайы чёрт какой-то; баай баҕайы ыал богатые люди; эппэт баҕайы не принято говорить; киһи кыбыстар баҕайыта так не принято, стыдно.

БАҔАНА толстый столб (столп), колонна; тулааһын опора, подпорка.

БАҔАРАХ I баҕарчах низкий горшок для кипячения молока;

БАҔАРАХ II болотистая низменность.

БАҔАС баҕастаах част. высокомерие; эн баҕас это ты-то; ырыалаах баҕастаах тоже мне певец; собир. част. всё; хатырыктары баҕастары буһар со всей чешуёй сварить.

БАҔАХ кэрэх баҕана столб для вывешивания шкуры жертвенной скотины; үс моонньоох аар баҕах о трёх выемках священный столб.

БААҔЫНАА гудеть (о пароходе), кричать густым басом.

БААДАҤНАА баадай шагать медленно, раскидывая ноги; бадьай тяжело передвигаться на согнутых ногах.

БАДАРААН (бырыы, дьэбэрэ) болото, топь; грязь; бадарааннаа вязнуть в болоте (грязи); бадьара-дьоруо ход лошади, которая бежит по болоту.

БАДАХ бадаҕа модальн. сл. вероятно, кажется, видно, должно быть; кэлбит бадахтаах должно быть, приехал.

БАДЫК утренние и вечерние сумерки, полумрак.

БАДЬА жена младшего деверя (жена брата мужа).

БАДЬАРХАЙ шероховатая поверхность (кора берёзы).

БАДЬЫР большой деревянный ковш, уполовник.

БАЙ I 1. межд. изумление тыый; 2. баай-баай припев колыбельной песенки.

БАЙ II богатеть, обогащаться; байан-тайан олор жить в богатстве.

БААЙ I богатство, состояние, имущество; богатый, состоятельный, зажиточный; сиртэн хостонор баай полезные ископаемые; баайдаах имеющий богатство; байылыат олох зажиточная жизнь; байар обогащается; байыт обогащать; дать возможность разбогатеть; байымсый выставлять себя богатым.

БААЙ II связывать; хам кэлгий привязывать; өртөө спутывать, ат атаҕын баай стреноживать; аты баай (аччыктат) готовить коня к скачкам; иэс баайар даёт в долг.

БААЙ III вязать, плести; үтүлүк баайар вяжет варежки; илим баайар плетёт сети; баайыылаах бурдук сноп; баайыллыбыт привязанный, баайылын быть привязанным; баайсар придирается.

БАЙАА саннын байаата шея до лопаток; баттаҕа саннын байаатыгар түспүт с волосами до плеч.

БАЙАНАЙ духи, покровители охотников и рыболовов.

БАЙААТТАҤНАА (баласкаайдан) шататься, качаться, едва стоять на ногах.

БАЙБАҔАР хатыҥ толстая берёза; байбары сборка на платье.

БАЙҔАЛ море; большая вода (далай, муора, эбэ); Байкал.

БАЙДАМ экспр. щедрый, роскошный; байым экспр. обильный, изобильный.

БААЙТАҺЫН нагульный (скот для забоя); кытарах ынах яловая корова.

БААЙЫЫ 1. связка, завязка; перевязка (раны); 2. оковы, узы; путы на ногах; галстук; 3. сүгэһэр мас вязанка дров, узел; суу тюк; түүтэх сноп.

БАКААЙЫ привеска; баскар бакаайы, атаххар адаҕа с палкой на рогах, с путами (колодкой) на ногах; бакаат запрет.

БАКЫЙБЫТ согбенный (бакыҥнаа, бакыр).

БААЛ I бал, пир; баал ас богатый стол.



БААЛ II волны, сильное волнение на воде; эмискэ баал түстэ внезапно начался шторм.

БАЛА много; бала бултаабыт добыл в большом количестве; сильно, очень; бала ыалдьыбыт, баалаппыт серьёзно заболел; ыарыыта баалаабыт состояние больного резко ухудшилось; балай ахан, балай эмэ достаточно; изрядно, довольно много; балай хаан буолбут весь в крови.

БАЛАҔАДЫЙ (балаадый, өлбөөдүй) уставать, утомляться; иметь изнурённый вид; уҥ терять сознание; түлээр бредить; маҥан күнүм балаадыйда белое солнце померкло.

БАЛАҔАН (дьиэ, сурт, ураһа) изба зимняя и летняя, жилище.

БАЛАҔАН ыйа сентябрь; балаҕан ыйыгар в сентябре; балаҕан ыйыттан с сентября.

БАЛАЙ бран. слепой, незрячий; атах балай наугад, куда ноги поведут; им балай хараҥа тьма; бала түс кидаться слепо, наугад; балабыай этэр говорит без основания, зря.

БАЛАМАТ экспр. нахальный, дерзкий; сумасбродный.

БАЛАМАХ запачканный, перепачканный; күөх баламах весь в синяках.

БАЛААРХАЙ (болоорхой, өлбөөркөй) туманный, мутный.

БАЛБААХ мерзлая глыба навоза.

БАЛБААЧЧЫ неодобр. аляповатый, некрасивый; неотёсанный, грубый, топорная работа; балбааччы тыллаах грубый, невоздержанный в словах.

БАЛКЫЫР (баал) шторм, волнение.

БАЛЛАҔАР быллаҕар пухлый; быллаҕар уостаах с толстыми губами.

БАЛЛАЙДАА (о плотнике) надрубать, засечь; неодобр. беспорядочно поступать.

БАЛЛЫР передняя нога лося в шкуре, подрезанная под лопатку.

БАЛЛЫРҔАА (балкый, лахсый) болтать вздор; балагурить, пустословить.

БАЛТА I кузнечный молот; балталаа бить молотом, ковать; балтаһыт молотобоец.

БАЛТА II балта тиис коренной зуб; балтам ыалдьар болит коренной зуб.

БАЛТА III младшая сестра; балтым ыалдьар болеет младшая сестра.

БАЛТАҔАР крупный, широкий, толстый; балтайбыт сирэйдээх с широким лицом; балтарык шест (гнёт) для стягивания сена к возу.

БАЛТЫҺАХ 1. Т-образная форма; стрела с тупым концом; 2. паз для медведей.

БАЛЫЙ клеветать, оговаривать; обсчитывать, обвешивать; балыыр ложное обвинение; навет; разг. поклёп.

БАЛЫК рыба (салыҥнаах) карась, мундушка; сыа балык, ньоҕор тугунок; тимэх балык вьюн; тойон балык таймень; кыһыл балык красная рыба; үрүҥ балык белая рыба; балыксыт рыбак, рыболов; изображение рыбы на левой стороне шаманского костюма; сир балыга ящерица; өлүү балыга гибельная рыба; балык эт наружные поясничные мышцы; балык айах беззубый.

БААЛЫН навязываться, напрашиваться; баһынан баалынна пристал против моего желания.

БАЛЫМ-салым щедрый; балым илиилээх подаёт много; үллэр-баллар увеличивается.

БАЛЫС младший годами; с притяж. афф. балтым младшая сестра+моя; балта сестра+его (её).

БАЛЫСХАН экспр. огромный, громадный, непомерный.

БААН I банк.

БААН II былааккын баан повязаться платком; былаатын бааммыт повязалась платком.

БАППАҔАЙ массивные лапы (о медведе); перен. грубые, в мозолях ладони.

БАР I приставка к собир. именам бар тыа тайга; бар дьон народ; бар кыыл огромная сказочная птица, беркут.

БАР II идти, ходить, удаляться; баран хаал уходить, уезжать; эргэ бар идти замуж; ол дойдуга бар отправиться на тот свет; күн-дьыл барар время идёт; сурах барар слух ползёт; табаар барар товар раскупается; чэй барар чай заваривается.