Страница 21 из 48
КИРБИИ 1. невысокий хребет, перевал, водораздел; 2. переход, порог, рубеж, граница; кирбэй острая сторона предмета, лезвие; сарай кирбэйэ конёк крыши.
КИРГИЛ 1. чёрный дятел (тоҥсоҕой); 2. эвфем. топор.
КИРДИЭЛЭТ взявши за затылок, тыкать носом.
КИРДЬИГИНЭЭ рычать (о медведе); курдьугунаа мурлыкать (о кошке).
КИРИЙ притаиться; бүгэн олор затаиться; кириҥнээ пугливо втягивать голову в плечи; кирис гын быстро втянуть голову в плечо.
КИРИС 1. быа (өтүү) кручёная кожаная верёвка; тетива; 2. поясничная мышца; кирсим быһынна режущая боль в пояснице; ынах кирсин быспыт приближение отёла у коровы; киһиргиибин диэн кирсиҥ быстаарай не зарекайся.
КИРИЭТЭЭ 1. резать тупым ножом; 2. упрекать, укорять, выговаривать; кириэтэс перечить, прекословить, спорить.
КИРЧИМ крайний недостаток в пище, голодное время.
КИИС соболь; киис тиҥилэҕэ княженика (ягода).
КИСПЭ обруч с внутренней стороны; туу киспэтэ обруч на верше.
КИСТЭЭ I скрывать, утаивать; саһыар, хорҕот прятать; көм хоронить; кистэлэҥ тайна, кистэлэҥнээх тайный, скрытый; кистэл секрет, кистэллээх, кистэммит секретный, засекреченный.
КИСТЭЭ II ржать (иҥэрсий); туохтан күлэҕин неодобр. что ты ржёшь.
КИСТЭЛЭҤ тайна, секрет, таинство; тайный, сокровенный, секретный, скрытный, запрещённый.
КИҺИ 1. человек, муж, мужчина, взрослый человек; лицо, персона, особа; субъект, гражданин; мин киһим мой муж, супруг; киһилэн иметь любовника; киһимсэх женщина лёгкого поведения; киһийдэх дрянной человек; киһитий выйти в люди, вести себя правильно; киһилии по-человечески; 2. собир. имя: киһи аймах человечество; киһи киэнэ чужая вещь (не моя); киһи кэлбэт никто не ходит; киһиэхэ кэпсиир буолаайаҕын никому не говорить; 3. модальн. сл. барбыт киһи идти бы туда; киһи куттаныах страшно; киһи саатыах к стыду; киһи хомойуох к сожалению; киһи да күлэр смешно; киһи эрэ буоллар всё-таки.
КИҺИЙДЭХ бран. непутёвый, дрянной человек; киһийдээн потерявший человеческий облик.
КИҺИРГЭЭ хвастаться, хвалиться; чабылан бахваляться; киһиргэт захваливать; киһиргэс хвастун.
КИЧЭЙ (кыһан, кытаат, эллэс) делать старательно, тщательно, усердно, делать с рвением; сберегать, экономить; кичээҥи бережливый, рачительный; кичэл туттуу качественная работа.
КИЭБИР важничать, кичиться, заноситься, хвалиться; вести себя высокомерно; киэмсий прихорашиваться, наряжаться; щеголять; киэбириҥсэ любящий кичиться, заноситься.
КИЭЛИ 1. брюхо; утроба, матка; 2. большая ёмкость, кэмэ-киэлитэ биллибэт безмерный; Ийэ дойдубут киэҥ киэлитэ широкие просторы нашей Родины.
КИЭН тутун гордиться; аатыр славиться; быть уважаемым, почитаемым; киэн туттуу гордость, слава; киэн туттан с гордостью.
КИЭҤ киэҥ-куоҥ широкий, просторный; обширный; киэҥ-холку свободный; киэҥэ ширина; простор, пространство, протяжение; киэҥ көҕүс выдержка, терпение, великодушие, жизненная мудрость.
КИЭП 1. форма, образец; выкройка; 2. вид, образ, обличие; 3. грам. наклонение глагола; киэптээ давать форму, вид; киэптээн киир вмещаться с трудом, заполнять, переполнять; киэптии кэт растягивать, напяливать; киэптэн приобретать, иметь форму.
КИЭР 1. межд. киэр бар, киэр буол вон отсюда, прочь, долой; 2. вспом. сл. прочь; киэр бырах выбросить, киэр хайыс отвернуться, киэр гын убрать.
КИЭРГЭЛ украшение, наряд; убор, убранство, великолепие; киэргэмсэх любящий наряды; модница, франт, щёголь (силээхтэ); киэргэт украшать; киэргэн наряжаться; киэргэллээх нарядный; киэргэммит украшенный, убранный.
КИЭҺЭ вечер, вечером; күн киэһэрдэ вечереет; киэһэлик к вечеру, под вечер.
КОТОКУ ласк. голубчик; бедняжка, бедненький.
КӨБДӨРКӨЙ рыхлый, пористый.
КӨБДЬҮӨРҮЙ говорить громко, крикливо; көбүөлээ кричать, громко бранить.
КӨБҮӨР 1. сливочное масло, взбитое с молоком; 2. настенный ковёр; көбүөр суорҕан тонкое одеяло.
КӨБҮӨХТЭЭ вздыматься, колыхаться; тяжело дышать, запыхаться.
КӨӨБҮЛ эрбии көөбүлэ опилки; эмэх труха; ходуул сенные опилки.
КӨҔӨН утка, кряква (селезень).
КӨҔӨР зеленеть; синеть, голубеть; от-мас көҕөрдө зелень распустилась; көҕөр-наҕар цвести, процветать; көҕөрбүт получил синяк.
КӨҔҮЙ 1. быть увлечённым (чужим примером), подражать; 2. возбуждаться, соблазняться; көҕүлээ подавать пример, увлекать; көҕүлээччи инициатор, вдохновитель; көҕүт возбуждать, соблазнять.
КӨҔҮЛ волосы на лбу, чёлка; чуб, чупрун, хохол (клок волос).
КӨӨҔҮНЭЭ издавать густые, неясные и хриплые звуки; басить.
КӨҔҮРЭТ убавлять, уменьшать; вычитать; көҕүрэтии вычитание; разг. көҕүрэтин, чэпчэтин сходить по нужде.
КӨҔҮС I спина, часть спины выше поясницы; көҥдөй көҕүс стан, туловище; илии көхсө тыльная сторона ладони; олоппос көхсө спинка стула; дьиэ көҥдөй көхсө сруб дома; көҕүс түстэ недоволен.
КӨҔҮС II (көҕүй) делать охотно, глядя друг на друга.
КӨҔҮӨР большой кожаный мех для хранения кумыса.
КӨДӨГӨР с большим отвислым животом; разг. пузатый.
КӨДЬҮҮС польза, выгода; көдьүүстээ принести пользу; көдьүүһэ суох бесполезный.
КӨЙ I колоть, долбить, дробить; ойбону көй выдалбливать прорубь.
КӨЙ II обильный; көй үгүс сүөһү множество скота; көй салгын чистый, насыщенный воздух.
КӨЙГӨ нелюбимый, находящийся в пасынках, в пренебрежении.
КӨЙМӨҺҮН запариваться, преть; этэ көймөстүбүт вспотел.
КӨЙҮҮР моль, червячок; үөн-көйүүр насекомое.
КӨКӨТ шутл. – ирон. бойкий, проворный, энергичный; удалец, молодец.
КӨЛБӨҔҮР покрываться молочными остатками; санаата көлбөҕүрбүт ходит в плохом настроении.
КӨЛБӨРҮЙ неодобр. сваливать на другого, уклоняться; ыҥыыр холборуйбут седло съехало на бок.
КӨЛДЬҮН (көрүнньүк) бездельник; мошенник, обманщик; албын-көлдьүн обман; көлдьүргээ баловаться, озорничать, шалить; көлөөк дрянной, ни к чему не пригодный, не способный.
КӨЛӨ 1. упряжка, подвода; көлүнэр көлө рабочий скот; көлүй запрягать, впрягать, закладывать экипаж; 2. оллоон перекладина на костре.
КӨЛӨТТҮГЭС (көнтөрүк) неповоротливый, неуклюжий.
КӨЛӨҺҮН пот, испарина; перен. труд; көмүс көлөһүн результаты труда.
КӨЛҮЙЭ көлүччэ, көлүкэ небольшое озеро, пруд.
КӨМ зарывать, закапывать, засыпать; погребать, хоронить; көмүллүбүт похоронен; көмүү похороны.