Страница 2 из 48
АҔЫЛ аҕыллай легкомысленный, непостоянный, переменчивый (о человеке).
АҔЫЛАА (эппэҥнээ, бөтүөхтээ, мэҥий, мэҥилэстээ) запыхаться, задыхаться, тяжело дышать.
АҔЫН I ахтар вспоминать, помнить; скучать, тосковать; ахтыы (ахтылҕан) воспоминание, память; ахтылҕаннаах незабываемый; незабвенный.
АҔЫН II переставать, прекращаться; ардах аҕынна дождь перестал; ах барда замолчал, умолк.
АҔЫННЬЫ аҕынньыта төллөр тошнота, позыв на рвоту от отвращения.
АҔЫНЫАХ (оҕунуох, умунуох) мазь; смазка; елей; аҕыныахтаа мазать, намазывать, натирать, втирать; аҕыныахтан мазать себя.
АҔЫР горкнуть; ахтаах арыы прогорклое масло; эт аҕырбыт мясо несвежее.
АҔЫРАА (аҕырый, аҕырымнаа) утихать, спадать, идти на убыль, уменьшаться, приостанавливаться, успокаиваться; аҕырыт (уҕарыт) усмирять, уменьшать; уордайбыккын уҕарыт умерить свой гнев; ардах аҕыраан эрэр дождь перестаёт.
АҔЫС восемь; ахсыс восьмой; аҕыстыы по восемь; ахсыа восьмеро; аҕыста восемь раз; аҕыстаах восьмилетний, аҕыһым мне восемь лет.
АДАА-быдаа вразброд, порознь; несогласованно, нестройно.
АДАҔА колодка на ногах; перен. тяжесть; обуза, помеха; адаҕалаа надевать колодку, обременять; ограничивать свободу; айах адаҕата нахлебник, дармоед.
АДАҔЫЙ (буулаа) экспр. неотступно преследовать, приставать; поселяться, водворяться; алдьархай бөҕө адаҕыйда пришла большая беда.
АДАРАЙ тонкая деревянная настилка на санях.
АДААРХАЙ адаар выступающий с разных сторон; адаар хайа гора с выступами; адаарый, адаарыҥнаа торчать; адаарыҥнас беспорядочно перемещаться; адаарыс ссориться, не ладить, не уживаться.
АДЫГЫРАА (атыгыраа) выступать, выпирать, выдаваться местами (полосы, зубцы); атыгыраабыт тиистээх с выступающими редкими зубами; адьырыччы үүммүт баттахтаах волосы у него дыбом, торчком.
АДЬАС адьаһын совсем, вовсе, наотрез, совершенно.
АДЬЫНАТ неодобр. укоренившиеся дурные привычки; дурные наклонности.
АДЬЫРҔА (анаҕастаах) хищник; свирепый; адьырый (о шерсти) взъерошиться, ощетиниться; адьырыс браниться, ссориться.
АЙ 1. творить, создавать; айар үлэһит творческий работник; айыы, айар үлэ процесс творчества; айымньы произведение, творение. 2. давать бытие, даровать жизнь; үөһэттэн айыллыбыт предопределённый, предначертанный; айылын быть зачатым, сотворённым; получать бытие.
АЙА I лук-самострел; стрела; айалаа, айата тарт настораживать лук.
АЙА II межд. боль, сетование; ай, ой, больно; ах; увы; фу ты, ну ты; айалаа, айакалаа охать, стонать.
АЙАА неодобр. делать по-своему, вести себя своенравно; айаан эрдэҕин көр.
АЙАҔАЛЫЫ сатаан модальн. сл. употреблять все усилия, ухищряться; айаҕалан выдумывать, бахваляться, хвалиться.
АЙАКА айакабыын, айакка даа межд. ойкать, охать (от сильной боли, усталости).
АЙАН дальний путь; путешествие, поездка; айан суола шоссе, тракт; айан киһитэ, айанньыт путник, путешественник; странник; айан дьоно проезжие, путешественники; айаннаа отправляться в дорогу; путешествовать; аты айаннат ехать медленной рысью.
АЙААН старое русло реки, соединяющееся с рекой в полую воду.
АЙААР (айдаар) горланить, кричать, шуметь.
АЙААС невыезженный, не приученный жеребец; перен. айаас киһи непривычный к делу; айааһаа объезжать коня, быка; укрощать, усмирять.
АЙААТАА гулко реветь, громко мычать (о быке); перен. прославиться.
АЙАХ I 1. рот; уста; айаххын ат открывать рот; айахтаах имеющий отверстие, вход; неодобр. – осудит. айахтат говорить невпопад, не к месту. 2. член семьи, иждивенец; элбэх айах большая семья; сүөһү айаҕа прокорм, содержание скота; айахтаа отдавать скот на содержание.
АЙАХ II большой кубок для кумыса; айах тутар угощает из кубка.
АЙБАРДАА (аамайдаа) разбазаривать; распоряжаться по своему усмотрению, желанию (чаще всего о чужом).
АЙГЫР-силик фольк. разубранная, сплошь покрытая растительностью, весенне-радостная природа.
АЙГЫРАА (сааҕынаа, хампарый) расшатываться, рассыхаться; олох айгыраата жизнь вышла из нормы.
АЙГЫҺЫН (аҥын) осудит. долго собираться, мешкать, медлить; важничать, чваниться.
АЙДААН (аймалҕан, араллаан) шум, крик, гомон; тревога, суматоха; айдааннаа, айдаар шуметь, кричать, греметь; скандалить.
АЙМАА экспр. будоражить, тревожить, пугать; санааны аймаа расстраивать; баайы-дуолу аймаа мотать, транжирить, разорять; айман, айманый, аймаһый тревожиться, волноваться, расстраиваться, расчувствоваться.
АЙМАХ I родня, родственники; род, фамилия; аймахтыы сыһыан родственные отношения; аймахтас стать родственниками.
АЙМАХ II собир. част. саха аймах племя саха; киһи аймах народ; оҕо аймах детвора; учуутал аймах учительство.
АЙХАЛ экспр. возглас приветствия, выражение радости, благопожелание; уруй-айхал тыл восхваление, прославление; айхаллаа поэт. торжественно приветствовать; восхвалять, славословить.
АЙЫЫ созидание; создание, творчество, творение, творческое начало, высшее предопределение; Үрүҥ Айыы творец, создатель; үрдүк айыылар добрые духи; айыы сирэ страна добрых духов; айыы киһитэ человек светлого мира; айыы аймаҕа люди срединного мира.
АЙЫЛГЫ айыллыбыт айылгыта природная сущность, врождённое (генное) начало; майгы-сигили нрав, характер.
АЙЫЛҔА природа; окружающий человека живой и неживой мир.
АКААРЫ дурак, глупец; акаарытый вести себя глупо; становиться глупым; дурачиться; акаарытыҥы глуповатый, тупой.
ААЛ I тереть; чочуй точить; эрбээ пилить; хараҕы аал мозолить глаза.
ААЛ II большая лодка, плот; уу аала водоходное судно; көтөр аал самолёт.
ААЛ III священный; аал уот священный огонь; домашний очаг; Аал Луук Мас священное дерево, основа мироздания (ось трёх миров).
АЛА 1. пегий, белобокий, в белых пятнах или полосах; ала ынах белополосатая корова. 2. бесподобный, отличный; ала буркун снежная буря, пурга; ала холорук буйный вихрь; ала бэлиэ бросающийся в глаза, особенно приметный, ала чуо выделяющийся.
АЛАА (харалҕан) близорукий; косоглазый, косой; Алаа Моҕус, Алаа Хара.
АЛАҔАР большой и ласковый; алаҕаркаан-тэтэгэркээн аан ийэ дойду широко раскинувшаяся родная мать-земля; алаҕаркаан харахтаах с большими ясными глазами (о девушке).
АЛАМАҔАЙ ласковый, любезный; милый, приветливый.